«Якутоптторг» сакааһынан «Полярные авиалинии» авиахампаанньа бөртөлүөтүнэн Булуҥ оройуонун Найба нэһилиэгэр ас-үөл, ол иһигэр хортуоппуй, луук, сүбүөкүлэ, моркуоп, чеснок илдьэн биэрдэ диэн «Маяк Арктика» хаһыат телеграм-ханаалыгар суруйар.
Саха сирин хотугу территорияларыгар үгэс быһыытынан, «Күөх рейстэри» оҥороллор, онон Арктика оройуоннарын олохтоохторо оҕуруот аһын уонна фруктаны удамыо сыананан атыылаһар кыахтаналлар.
This post was published on 01.11.2023 11:02 11:02