Булуҥ оройуонугар ИДьМ отделын урукку булгаахтара бэйэтин сулууспалыыр балаһыанньатын туһанан 16 мөл. солк. тахса уорууга буруйданар, ол туһунан СИА-ҕа региональнай прокуратура пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Кини булгаахтар дуоһунаһыгар олорон, 2017 сылтан 2021 сылга диэри бэйэтигэр үрдэтиллибит хамнаһы ааҕа олорбут, ону таһынан уоппуска харчытын уонна балыыһаҕа барыы төлөбүрүн сокуоннайа суох аахпыт, ону тэҥэ алимент төлөбүрүн сымыйанан оҥорбут. Дьахтар Булуҥ оройуонун ИДьМ отделын үлэһиттэригэр көрүллүбүт ороскуоттар ыстатыйаларын харчытын бэйэйтигэр ааҕыммыт.
Хоромньу толору суумата 16 мөл. солк. тахса буолбут.
Холуобунай дьыала суукка ыытылынна. Ону таһынан, хоромньу сууматын иэстээһин туһунан ирдэбил сайабылыанньа турда.
This post was published on 03.11.2022 12:05 12:05