Булуҥнар күннэрэ быкта

Булуҥ улууһун олохтоохторо сардаҥалаах күн тахсыбытын уруйдаатылар. Үөрүүлэриттэн социальнай ситимнэргэ хаартыскалары тарҕаттылар.

Булуҥҥа кыһыҥҥы күнэ суох хараҥа халлаан икки ый кэриҥэ турар. Улуус иэнэ киэҥ буолан (223,6 тыһ. кв. км), күн тахсар чыыһылалара нэһилиэктэринэн эмиэ араастаах. Холобура, олохтоохтор чопчулуулларынан, улуус соҕуруу өттүгэр сытар Намыы нэһилиэгэр күнү тохсунньу 15 чыыһылатыгар көрсөллөр, Хара-Уулаахха – 24-гэр, Күһүүргэ – 25-гэр, Сииктээххэ – 20, Таймылыырга – 29, Быыкапка– 26.
Күнү көрсүү хоту дойду дьонугар улахан үөрүүлээх. «Полярка» бүтэн, күн-дьыл уһаан, күн үөһэ таҕыстар тахсан, өрө күөрэйдэр күөрэйэн иһэр. Онон аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар үгэстэринэн дьон-аймах үөрэ-көтө күнү көрсүү бырааһынньыгын тэрийэр.
Тохсунньу 25 күнүгэр үгэс быһыытынан хара-уулаахтар күнү көрсүү бырааһынньыгын тэрийэн, эбээннии таҥнан, алгыс тылларын этэн, туойан, һээдьэлээн аламай күнү уруйдаатылар. Нэһилиэк баһылыга Василий Баланов этэринэн, маннык бырааһынньык Найбаҕа сылын аайы ыытыллар. «Тохсунньу тоһуттар тымныытыттан
толлубакка дьон-аймах нэһилиэк киинигэр мустан, эбээн норуот үгэһинэн арыылаах алаадьынан уоту аһатан, алгыс тылын этэн, күммүтүн үөрэ-көтө көрүстүбүт», – диэн кэпсиир кини.

This post was published on 31.01.2020 13:28 13:28