Арктика ураты харыстанар сирин-уотун, экологиятын ыраастык тутуу национальнай политика буолар. Булуҥ улууһугар урукку кэмнэргэ хаһаайыстыбаннай үлэ хаалларбыт элбэх тимир буочукалара, уматык ыскылааттара бааллар. Билигин ону ыраастыыр үлэ ыытыллар.
Бу маннык дьаһала суох хаалан хаалбыт буочукалартан, ыскылааттартан сылын аайы тохтор тобох аһаҕас муораҕа киирэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ маны ириэрии сабыдыала олус биллэрэр буолла.
Бу күннэргэ «Сахаэнерго» улуустааҕы филиала Тиксии-3 быраҕыллыбыт байыаннай чааһыгар «Буочука-таара» диэн акцияны тэрийдэ.
«Биһиги тэрилтэбит Саха сирин экологиятын харыстааһыҥҥа куруук үлэлиир. Олохтоох айылҕа харыстабылын инспекциятын кытта алтыһан үлэлээбиппит хас да сыл буолла. Ол курдук Лаптевтар муораларын кытылын ньиэп тобоҕуттан ыраастаабыппыт. 2015 сыллаахха быраҕыллыбыт байыаннай чаас территориятыттан 5 тонна туттуллубут арыыны суох оҥорбуппут, быйыл ити былааны 10 тоннаҕа тириэрдэр соруктаахпыт. Бэс ыйыгар “Вызов-кузов!” акцияҕа кыттыбыппыт. Быраҕыллыбыт ыскылааттары, ангаардары куруук ыраастыыбыт. Бөҕү утилизациялыырга 2012 сыллаахха анал хочуол ылбыппыт. Онно сылга 250 тонна туттуллубут арыыны суох оҥоруохха сөп», — диэн филиал дириэктэрэ Александр Казаков кэпсээтэ.
Акцияҕа кыттыбыт СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев үлэһиттэргэ махтанна уонна экологияны ырааһырдар үлэлэрин салгыылларыгар ыҥырда. «Сир дойду үрдүнэн ыһыллыбыт тимири хомуйуу күүскэ ыытыллан эрэр. Онно булуҥнар кыттыбыттара хайҕаллаах. Котельнай арыыга РФ Оборонатын министиэристибэтэ үлэлэһэр. Быйыл 200 контейнер бөҕү уопсайа 20 тонна тимири ыраастаатылар. Манан Булуҥ атын чугастааҕы улуустарга холобур буолар, — диэтэ миниистир.
This post was published on 25.07.2016 18:02 18:02