Төрөөбүт тыл норуоттар икки ардыларынааҕы күнүгэр Булуҥ улууһугар эбээн тылынан диктант суруйдулар. «Диктант на языках коренных малочисленных народов Севера» аахсыйа сылын аайы ыытыллар. Тэрийээччилэр – СӨ Национальнай библиотеката, СӨ КМНС ассоциацията уонна «Созвездие» библиотека филиала.
Бэҕэһээ Булуҥнааҕы бырагыраамаҕа диктант эрэ суруйуута буолбакка, хотугу норуоттар историяларыгар леция ааҕылынна уонна национальнай таҥас, олох-дьаһах быыстапката тэрилиннэ.
Диктаны улуустааҕы киин библиотекаҕа суруйдулар. Тиэкиһи эбээн тылын тарҕатааччы, КМНС бэрэстэбиитэлэ Екатерина Стручкова аахта. Мустубут дьон 1 чаас суруйда.
Барыларыгар сертификат туттардылар.
Санатар эбит буоллахха, 2021 сыллаахха Булуҥнааҕы былаһааккаҕа 62 киһи диктант суруйбута: эбээннии – 18, эбэҥкилии – 44.
Ааптар: Ульяна ПОПОВА, «Маяк Арктики» хаһыат, Булуҥ улууһа
This post was published on 22.02.2022 13:01 13:01