Ыраах хоту сир төһүү дьонун коронавирус обургу төһө да илиилэрин-атахтарын кыаһылаары хаайдар, тэрээһин үлэ кэминэн баран иһэр. «Булуҥ» хаһаайыстыбаҕа бу күҥҥэ 60-ча киһи үлэлиир, 32 балыктыыр учаастактаах. edersaas.ru суруйар.
Бу саас суол баарына «Саханефтегаз» хампаанньаттан 10-ча туонна уматыгы-оҕунуоҕу ылан, миэстэҕэ хаһааммыттара. Аны туран балыктыырга көҥүллүүр докумуоннары ситэн, көмүс хатырыктааҕы илим хараҕар иҥиннэрэргэ бэлэмнэр. «Булуҥ» хаһаайыстыбаҕа бу күҥҥэ 60-ча киһи түбүгүрэр, 32 балыктыыр учаастактаах. Итинтэн сайыҥҥы өттүгэр 10-чатын тардаллар. Тэрилтэни Руслан Лукин салайар, кини этэринэн, Өлүөнэ Эбэ уута мэндээрийэр, кытылга анньыллыбыт көмүөл мууһа билигин да аанньа ууллубакка сытар, балыксыттар хатыыска, тууччахха уонна чыырга киирэн эрэллэр.
От ыйын ортото уомул тахсыаҕа, ол онно хотоойутук бэриһиннэрбит киһи диэн суоттаналлар. Күөх боллох «баайын» 200 туонна батар булуустарыгар ууруохтара. Оттон илим-мунха хараҕар хаптарыллыбыт лапчааннаахтары араара охсон тута тоҥорор тэриллэргэ хаалыыллар. Манна сууккаҕа 10 туонна балыгы хам тоҥороллор, ол кэннэ булууска уураллар.
Хаһаайыстыба тутаах соруга — балыгы сөпкө хаһаанан, хаачыстыбалаах бородууксуйаны батарыы. Ол иһин астыыр-үөллүүр сыаҕы үлэлэтии туһунан бырайыак суруйбуттара. Ону Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өйөөн, үбүлээһин көрүллэн турар. Саҥа сыаҕы оҥорууга 13 мөл. кэриҥэ барбытыттан, 80 бырыһыанын судаарыстыба уйунна, хаалбытын «Булуҥ»хаһаайыстыба бэйэтэ.
Балык сыаҕар лапчааннааҕы бирикиэттээн, итиэннэ билииккэ курдук кэрчиктээн тоҥорон ууруохтара, иһин-үөһүн сууйан-тараан ыраастаан астыахтара. Саҥа баазаны Үүттээх Хайаҕа оҥостуохтара, онно дьиэлээх, гаражтаах, баанньыктаах о.д.а. дьоҕус тутуулардаах буолар, уонча киһи үлэлиэҕэ. Балык сыаҕын булунан атырдьах ыйыгар арыйар кэскиллээх санаалаахтар. Бу сайын өссө Сииктээх бөһүөлэгэр баар учаастакка тута тоҥорор тэриллэри холбуохтара, биирин эмиэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн ылыннылар, икки холодильнигы бэйэлэрэ булуннулар. Ити курдук «Булуҥ» МУТ бу сайын эҥсиллэр Өлүөнэ Эбэҕэ балыктаан ылыммыт былаанан толорууга үлэлиэҕэ.
This post was published on 10.06.2020 15:03 15:03