Анал байыаннай дьаһал Донецкай уонна Луганскай народнай өрөспүүбүлүкэлэр олохтоохторун көмүскүүр, харыстыыр сыалтан ыытыллар. Президеммит ылыммыт быһаарыыта сөптөөх уонна кэмигэр.
Булуҥ улууһун баһылыга Афанасий Андросов санаатын СИА суруйар.
«Аҕыс сыл Донецк уонна Луганск олохтоохторо геноцидка баһылатан олорбуттара. Элбэх киһи бэйэтин быраабын туһанан көмүскэл көрдөөбүтэ. Биһиги президеммит Владимир Путин быһаарыытын сөптөөҕүнэн ааҕабыт. Россия бу сыллар тухары эйэлээх кэпсэтиини ыытан кэллэ. Украина өттүттэн «игнор» баар.
Хомойуох иһин, билигин атын быһаарыы ылыллар кыаҕа суох. Анал байыаннай дьаһал — эйэлээх нэһилиэнньэ интэриэһин харыстааһын. Кырдьык биһиэнэ, саарбахтааһын суох», — диэтэ Афанасий Андросов.
This post was published on 14.10.2022 15:27 15:27