Булуҥҥа тахсыбыт алдьархайга эппиэкэ үлэһитэ буруйданар

Булуҥ улууһугар икки оҕо өлүүлээх түбэлтэҕэ эппиэкэ үлэһитин дьалаҕай сыһыаҥҥа буруйдаан, дьиэ хаайыытыгар уураахтаатылар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэт иһитиннэрэр.  


Силиэстийэ сүтүктээх ийэ бу дьыл муус устар 15 күнүгэр Булуҥ улууһун дьаһалтатын эппиэкэ уорганыгар кэргэнэ 1, 2 саастаах уолаттарын өлөрөрүнэн куттуурун биллэрбитин быһаарбыт. Иһитиннэрии кэннэ эппиэкэ үлэһитэ тустаах миэрэни ылбатах, оҕолору аҕаларыттан туспа тутарга үлэлэспэтэҕин түмүгэр оҕолор суорума суолламмыттар.

Үлэһит тутуллубут, кини буруйун толору билинэр.

Муус устар 24 күнүгэр суут буруйданааччыны дьиэҕэ хаайарга быһаарбыт.

Билигин силиэдэбэтэллэр атын сааһын ситэ илик оҕолорго куттал суоһаабатын хонтуруоллуур уорганнар үлэлэрин бэрэбиэркэлииллэр. Силиэстийэ салҕанар.

This post was published on 26.04.2021 13:02 13:02