Булуҥҥа табалар сүүрдүлэр

Булуҥ улууһугар бүгүн табаһыттар сүлүөттэрэ Тиксии бөһүөлэгин буухтатыгар буолла. Сылаас күн туран дьон тоҕуоруһа муһунна. Үҥкүү, ырыа хойукка диэри салҕанна.


Эр дьоҥҥо 10 уонна 20 км, дьахталларга 5 км ырааҕы сыарҕалаах табанан, эр дьон 5 км уучаҕынан сүүрдүүгэ дистанциялар олохтоннулар. Бэтэрээннэр туспа 5 км күрэхтэстилэр. «Түмүгүн сарсын биллэриэхпит, барытын очкуонан таһааран ааҕыахпыт», — диэн тыа хаһаайыстыбатын салалтата иһитиннэрдэ. Онон атын күрэхтэһиилэр дьон көҕүн көҕүлүттэн туттулар.

Тоҥ балыгы кыһыыга “Приморскайдааҕы” МУТ  биригээдэтин үлэһитэ Христофор Никитин тэҥнээҕин булбата. Быыстапкаҕа сэттэ дьахтар араас матарыйаалтан оҥорбут, тикпит таҥастарын көрдөрдүлэр, көрүү сарсын эмиэ салҕанар. Сээдьэҕэ биэс этээччи бэйэтин талаанын арыйда. Бастыҥ этээччинэн Бороҕон нэһилиэгиттэн Светлана Садовникова ааттанна. “Өбүгэ оонньуута” күрэххэ урут өбүгэлэрбит оонньообут “Хороҥ оту ыстаныы”, “Ким кыайан турарый”, “Ойбонтон уулааһын”, “Оҕус уонна чөҥөчөк” курдук оонньууларга аҕыс уол бэйэтин холонон көрдө. Хара-Уулаахтан Алгыс Бурцев бастаата, Захар Черкашин иккистээтэ, үһүс миэстэҕэ Тиксииттэн Алеша Зенин таҕыста.

Хара-Уулаах нэһилиэгиттэн “Приморскай” МУТ  тэрилтэ 3-с ыстаадатын биригэдьиирэ Анатолий Горохов сүлүөт тэрээһинин туһунан санаатын бу эттэ:

Олус тэрээһиннээхтик барда дии саныыбын. Биһиги  бу бырааһынньыкка куруук кыттыбаппыт. Онон туох баар күүһү ууран туран кииристибит. Табаларбытын маастарыстыбабытын киллэрэн туран сүүртүбүт. Бастааһын диэн буолбакка, сүрүнэ — кыттааһына. Сылын аайы кыттар “Бороҕон”, “Булуҥ” МУТ-тар уопуттара биллэр. Кэлин бэйэбит эдэр табаһыттарбыт куруук маннык күрэхтэһиилэргэ кыттар буоллахтарына, илин-кэлин түсүһүөхтэрэ диэн санаабыт бөҕөх. Биһиэхэ үс ыстаадалаахпыт, онно түөрт тыһыынчаттан тахса кэриҥэ таба баар. Сүлүөт ыытыллара туундара дьонугар, табаһыттарга олус наадалаах.

This post was published on 02.04.2016 19:16 19:16