Саха сирин Булуҥ оройуонугар 2025 сылга диэри түргэн тэтимнээх Интернет ситимин сайыннарыы былааннанар. Ол туһунан Булуҥ оройуонун олохтоохторугар бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр Инновация Министиэристибэтэ иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
«Саамай күүтүүлээх боппуруос-Булуҥ улууһугар оптика киириитэ. Иллэрээ сыл оптика арктическай зонаттан Өлөөҥҥө киирбитэ, билигин Анаабыр оройуонун диэки хамсааһын баар. «Полярная Экспресс»подводнай оптическай линияны тутуу бырайыагын чэрчитинэн, «Морсвязьспутник» федеральнай тэрилтэ Тиксии бөһүөлэгэр 2025 сылга диэри болдьоххо оптиканы киллэрэр былааннаах. Кинилэр оптиканы хотугу биэрэгинэн уу аннынан ууруохтара», — диэтэ Георгий Андреев.
Ону тэҥэ Андреев бэлиэтээбитинэн, Айсен Николаев биһирээбит «Единый Булун» бырагырааманы олоххо киилэрии чэрчитинэн, «Арктик- Телеком» хампаанньа ситим сайдарын туһугар тоҕус биэрэстэ кэриҥэ оптика Тиксиигэ киириэҕэ, 4000- тан тахса олохтоох нэһилиэнньэ интернетка холбонуоҕа.