Уолаттарбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ бастакы сүрэхтэниилэрин туһунан хамаанда салайааччыта Андрей Бурцев бу курдук кэпсээтэ:
— Уолаттарбыт төһө да кыайыы көтөллөммөтөллөр, бэртээхэй оонньууну көрдөрдүлэр. Кинилэр ыраах Булуҥ улууһун оҕолоро футболу сөбүлүүллэрин уонна үрдүк таһымнаахтык оонньуохтарын сөбүн итэҕэттилэр.
Бастакы көрсүһүүбүтүгэр Сунтаар улууһун кытары оонньоон тэҥ-тэҥҥэ буоллубут. Уус Маайа хамаандатыгар 1:0 хоттордубут. Манна уолаттарбыт утарылаһааччыларын кытта тэбис-тэҥҥэ оонньоотулар. Арай уопуппут уонна солбук оонньооччубут суоҕа тэптэ.
Мин көрүүбэр, Дьокуускай куорат хамаандата атыттары бэрт кэбэҕэстик хотуталаабыта. Бастакы таймы уолаттарбыт дьокуускайдары кытта 2:2 оонньоотулар. Иккис тайм саҕаланыытыгар судьуйа биһиги футболиспытыгар кыһыл карточка көрдөрөн, оонньууттан уһулбута, онон хамаанда түөрт эрэ киһилээх иккис таймы түмүктээбитэ.
Туох да саарбаҕа суох, дьокуускайдар бу күрэхтэһиигэ бастыахтарын бастаатылар. Онон Дьокуускай хамаандата Владивосток куоракка салгыы күрэхтэһэ барар буолла.
This post was published on 09.02.2016 11:20 11:20