1994 сылтан ыла атырдьах ыйын 9 күнүгэр Аан дойду үрдүнэн аҕыйах ахсааннаах норуоттар күннэрэ үөрүүлээхтик бэлиэтэнэр. Оройуон сиригэр-уотугар биир родовой община, 5 национальнай нэһилиэк бааллар. Булуҥ улууһугар Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарга киирсэр 3500 киһи олорор. Эбэҥкилэр, эбээннэр, долганнар, чукчалар, юкагирдар бэйэлэрин культураларын көрдөрөллөр.
Дойду үрдүнэн бэлиэ күҥҥэ сыһыары тутуллан араас тэрээһиннэр буолаллар. Биһиги оройуоммутугар атырдьах ыйын 9 күнүгэр “Айхал” этнокультурнай киин үлэһиттэрин тэрийиилэринэн ыраастаныы күнэ буолан ааста.
Булуҥ улууһун баһылыга К.Н. Шахурдин, Саха сирин Ил Дарханын бэрэстэбиитэлэ И.В. Кудряшов уонна култуура управлениетин салайааччытын э.т. М.А. Филиппова-Булунская эҕэрдэ тылларынан тэрээһини астылар. Култуура үлэһиттэрэ кэлбит дьоҥҥо бу күн суолтатын, ыраастаныы быраабылатын сиһилии кэпсээтилэр, быһаардылар.
“Ааһан иһэр дьон наһаа интириһэргииллэр: “Бу туох күнэй?”, “Туох бырааһынньыга буола турарый?” диэн ыйыталлар. Биһиги кинилэргэ бу күн туох суолталааҕын, эбээн аҕыйах ахсааннаах норуот дьоно буруонан ыраастаналларын туһунан кэпсээтибит. Кэлбит дьоҥҥо хайдах-туох ыраастаныахтаахтарын быһаардым, буруо тула үстэ эргийээт, өҥнөөх лиэнтэни ылан баҕа санааҕын этэн баран маска баайыахтаахтарын уонна алаадьы амсайан барыахтаахтарын эттим. Бу күн араас омук дьоно ыраастанан, үөрэн-көтөн бардылар. Уопсайа 1000 тахса киһи ыраастанан барда”, — диир “Айхал” үлэһитэ Саргылана Ивановна.
«Маннык бырааһынньык баарын билэбин, хаһыаттарга, кинигэҕэ аахпытым. “Айхал” үлэһиттэрэ маннык тэрээһини тэрийиэхтэрэ дии санаабатаҕым. Ыраастанан, олус дуоһуйан, элбэх эниэргийэ ылан баран эрэбин диэн этиэхпин баҕарабын”, — диир Сергей Бурцев.
“Бэйэм байыаннай сулууспалаахпын. Крым сириттэн бу соторутааҕыта кэлбитим. Маннык тэрээһиҥҥэ бастакыбын сылдьабын, наһаа астынным. Бу кэрэ бэлиэ күнүнэн Булуҥ олохтоохторугар эҕэрдэбин тиэрдэбин!”, — диэн Ирина Литвинова санаатын үллэһиннэ.
«Атырдьах ыйын 9 күнэ биһиги норуоппутугар улахан бырааһынньык. Маннык тэрээһиҥҥэ бастакыбын сырыттым, кэлэн ыраастанным, баҕа санаабын эттим уонна алаадьы амсайан баран эрэбин”, — диир Семен Федоров.