Булуҥҥа 2020 сыл бүтүөр диэри тыал паарката уонна дизель ыстаансыйата үлэлэрэ саҕаланыа

Саха сирэ «NEDO», «Русгидро» хампаанньалары кытта холбоһуктаах бырайыактарынан, Тиксиигэ сыл бүтүөр диэри электродизельнай комплекс уонна тыал паарката үлэлэрин  саҕалыахтара. Ол туһунан парламеҥҥа бырабыыталыстыбаннай чаас кэмигэр ОДьКХ уонна энергетикэ миниистирин бастакы солбуйааччыта Вячеслав Емельянов эттэ.


«Былырыын Уһук Илиҥҥэ дизельнай генерацияны саҥардыы тэрээһиннэрэ былааҥҥа таһаарыллыбыттара, РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Козаков бигэргэппитэ. Бырагыраама чэрчитинэн «РусГидро» хампаанньаны кытта Арктика оройуоннарыгар дизеллэри саҥардыыга инвестордары кытта үлэ саҕаламмыта», — диэтэ Вячеслав Емельянов.

Кини бэлиэтээбитинэн, 2020 сыл бүтүөр диэри Тиксиигэ 3 Мвт кыамталаах дизель ыстаансыйата уонна 900 кВт күүстээх тыал паарката үлэҕэ киириэхтээхтэр. Үлэ «Сахаэнерго» инвестиционнай бырагырааматынан ыытыллар.

Маны сэргэ Өлүөхүмэ улууһун Урицкоетыгар 140 кВт кыамталаах дизель ыстаансыйата, Дьааҥы оройуонугар Токумаҕа автоматизированнай дизель ыстаансыйата үлэлэрин саҕалыахтара, оттон Алыһардаахха тутуллубут ыстаансыйа үлэлээн эрэр.

This post was published on 30.10.2020 12:01 12:01