Булт докумуонун илдьэ сылдьаргытыгар сүбэлииллэр

«Эдэр саас» сайтка муус устар 4 күнүгэр «Бултуу барарга аны докумуон наадата суох” диэн иһитиннэрии Информационнай технология уонна сибээс Департаменын матырыйаалыгар олоҕуран, тылбаастаан бэчээккэ таһаарбыппыт. 


Манна: «Булчуттар тыаҕа тахсалларыгар аны бултуур билиэттэрин, булду көҥүллүүр докумуоннарын, саа лицензиятын барытын укта сылдьаллара ирдэммэт. Иниспиэктэр булчут араспаанньатын  порталга киирэн суруйда да, кини докумуоннара судаарыстыбаннай реестрга бары көстө түһүөхтэрэ. Бу өҥөнөн туһаныан баҕалаах булчут электроннай сайабылыанньа суруйуон эрэ наада. Оччоҕуна иниспиэктэр  хаһан баҕарар кини докумуоннарын киирэн көрүөн сөп”, — диэн этии өссө олоххо киирэ илик, инникитин былааҥҥа баар  диэн көннөрөн ааҕаргытыгар көрдөһөбүт.

«Итинник ньыма олоххо киирэригэр сокуон уларыйыан уонна техническай өттүнэн сатаныан наада, онон, булчуттар бултуур билиэккитин, булду көҥүллүүр докумуону, саа лицензиятын илдьэ сылдьаргыт булгуччулаах», —  диэн Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин булт управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Анатолий Попов чуолкайдаата.

This post was published on 05.04.2018 14:50 14:50