Саха сиринээҕи экология министиэристибэтин 20-чэ судаарыстыбаннай өҥөтө сыыппара киэпкэ көһөрүлүннэ, ол иһигэр булка лицензия биэриитэ. Бу туһунан тустаах миниистир Сахамин Афанасьев соцситимнэринэн быһа эфиргэ эттэ, СИА суруйар.
«Саха сирин олохтоохторо айылҕаны харыстыыр уонна айылҕаттан туһанар өҥөлөрү e-yakutia.ru портал нөҥүө ылыахтарын сөп, дьиэлэриттэн тахсыбакка эрэ олорон. Быйыл булт уопсастыбатын туруорсуутунан, хааччахтаах бултанар кыылларга лицензияны биэриини электроннай киэбинэн ыытыахпыт, ол иһигэр сэрэбиэй бырахсыыны эмиэ», — регион экологияҕа миниистирэ Сахамин Афанасьев эттэ.
Бэлиэтээн этэр буоллахха, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр e-yakutia.ru порталыгар булка көҥүл ылыы саамай киэҥник тарҕаммыт өҥөнөн буолар.
This post was published on 03.06.2020 15:01 15:01