Булгунньахтаахха култуура мини-паарката арыллар

Бу субуотаҕа, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕар култуура мини-паарката арыллар. Сынньалаҥ саҥа эбийиэгэ «1000 дворов на Дальнем Востоке» бырагырааманан олоххо киирэр, суруйар СИА.

Саҥа уопсастыбаннай тэрилтэ Култуура киинин уонна Арчы дьиэтин таһыгар баар. Бырайыагын «Эйгэ» архитектурнай бюро оҥорбут. Киин аллеялаах, сылаас павильоннаах, скейт-былаһааккалаах уонна воркаут зоналаах буолуохтаах. Оҕолорго анаммыт оонньуур былаһааккалардаах, сүүрэр сирдээх, тэрээһиннэр ыытыллар анал миэстэлээх.

Бу сылга паарка бастакы түһүмэҕэ олоххо киирэр. Оҕо былаһаакката, тренажердар, скейтборд уонна тротуардар бэлэмнэр.

Сиһилии https://ysia.ru/mini-park-kultury-otkroetsya-v-sele-bulgunnyahtah-yakutii/

This post was published on 16.09.2022 16:33 16:33