Булгунньахтаах Оҕо искусстовтын оскуолатын иитиллээчччилэрэ Москваҕа дойдулар икки ардыларынааҕы фестивальга Лауреат аатын сүктүлэр.
Тохсунньу бүтэһик күннэриттэн олунньу саҕатыгар диэри нэдиэлэ устата Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕыттан Оҕо искусствотын оскуолатын иитиллээччилэрэ Москва — Санкт-Петербург хайысханан сылдьан, киэҥ хабааннаах тэрээһиннэргэ кытыннылар.
Сүрүн сыалларынан дойдулар икки ардыларынааҕы «Московские узоры-2024» фестиваль-куонкуруска кыттыы буолла. Ол курдук олунньу 3 күнүгэр долгутуулаах гала-концертка лауреаттары ааттаатылар.
Кинилэр ортолоругар ыраах Саха сириттэн айаннаан тиийбит «Утум» айар кэлэктиип «Театральное творчество» номинацияҕа I истиэпэннээх лауреат, оттон Оҕо искусствотын оскуолатын үҥкүүгэ бөлөҕө «Народный танец» номинацияҕа эмиэ I истиэпэннээх лауреат аатын ылан үөрдүлэр-көттүлэр. Салайааччылар: Надежда Мордовская уонна Евгения Кириллина.
Бэлиэтээн эттэххэ, фестиваль Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин Үөрэххэ министиэристибэтин өйөбүлүнэн ыытыллар.
Оҕолор куонкуруһу таһынан киэҥ хабааннаах култуурунай бырагырааманан сырыттылар. Кинилэри икки киин куорат устунан «Северный колорит» холбоҥук менеджерэ Карл Капитонов иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта.
Дойдубут тэбэр сүрэҕэр айар бөлөх Кыһыл болуоссаты, «Охотный ряд» атыы-эргиэн эрээттэрин, аралдьытыы кииннэрин кэрийдилэр.
Салгыы дойду култуурунай киинигэр аттанан, аны Санкт-Петербург устун күүлэйдээтилэр. Ол курдук Россиятааҕы этнографическай музейга, Шереметев дыбарыаһыгар — Муусука музейыгар, Россияҕа соҕотох Чэй музейыгар, салгыы Пушкин куоракка аатырбыт Янтарь хостоох Екатерина дыбарыаһыгар, кэрэ пааркатыгар сылдьан сөхтүлэр-махтайдылар.
Аан дойдуга аатырбыт история музейдарын киһи хараҕынан эрэ хайҕыы көрөр эбит буоллаҕына, Чэй музейыгар оҕолору дегустацияны таһынан таайбараҥ, минньигэс бириистэр күүппүттэрэ. Онон үөрэнээччилэр ордук бу аралдьытыыны бэлиэтээтилэр.
Онон быйыл Саха сиригэр Оҕо сылын чэрчитинэн эдэр көлүөнэҕэ умнуллубат уонна ситиһиилээх кэрэ күннэр буолан аастылар. Кинилэргэ маннык бырагырааманы таҥан биэрбит, суоллаан илдьэ сылдьыбыт «Северный колорит» холбоһукка, чуолаан салайааччыга, СӨ Култууратын туйгуна Варвара Обоюковаҕа ураты истиҥ махтал тылларын дэлэгээссийэ тиэртэ.
Ааптар: Анфиса Слепцова, РФ уонна СӨ суруналыыстарны сойууһун чилиэнэ,
Санкт-Петербург к.
This post was published on 05.02.2024 11:34 11:34