Булгунньахтаах ийэлэрэ байыаннай хомуурга барбыттарга аптечкалары ыыттылар

Булгунньахтаах нэһилиэгин ийэлэрэ байыаннай хомуурга барбыттарга анаан аптечка суумкатын тигэн, онно эмп-том уган, ыытарга бэлэмнээтилэр.

Хаҥалас улууһун 1 Мальдаҕарыгар Ийэ күнүн чэрчитинэн, нэһилиэк көхтөөх ийэлэрэ байыаннай хомуурга барбыт биир дойдулаахтарыгар анаан эмтээх суумкалары бэлэмнээтилэр.

«Аптечка суумкатын тигэн, эмин барытын уктубут. Дьоммутугар ыытарга бэлэм буолла.
Кыра да буоллар көмө буолуо диэн эрэллээхпит», — диэн суруйда СИА-ҕа биэнсийэлээх Галина Павловна Григорьева.

This post was published on 26.10.2022 13:28 13:28