Саха сиригэр булчуттар аһары үлүһүйэн, сааскы халаан кэмигэр арыыларга хааттаран хаалар түбэлтэлэрэ сыллата тахсар. Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, маннык балаһыанньаҕа түбэспит дьону быыһыырга бөртөлүөтү көтүтэр түгэҥҥэ, булчуттар бөртөлүөт ороскуотун толуйуохтаахтарын санатта.
«Былырыыҥҥыттан ыла эрдэттэн сэрэппэххэ эрэ, кэмигэр куттала суох сиргэ барбакка арыыга хааттарбыт дьону таһарга бөртөлүөт өҥөтүн төлөттөрөбүт. Бөртөлүөт биир чаас көтүүтэ — улахан харчы», — диэтэ Дмитрий Садовников.
Саха сирин бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччы булттуурга көҥүлү кытта сезон усулуобуйатыгар кутталтан хайдах куотунар оруннааҕын туһунан памяткалары туттаралларын бэлиэтээтэ. Онон бары «приключение» көрдөөччүлэр муус устар кэмигэр арыыга уһуур кутталлааҕын өйдүөхтээхтэр, маннык быһылааннарга бу сэрэҕэ суох сылдьыбыт дьону быыһаары, халаан уутун хонтуруоллуурга анаммыт бүддьүөт баранарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Ону тэҥэ, Дмитрий Садовников булчуттар бэйэлэрин кэннэ умуллубатах уоту хаалларбаттарыгар, баһаарынай куттал суох буолуутун ирдэбиллэрин тутуһалларыгар, айылҕаны харыстыылларыгар ыҥырда.
This post was published on 20.04.2023 17:03 17:03