Ил Түмэҥҥэ Өлүөнэ өрүс уҥуоргу бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын кытта норуот дьокутааттарын дьыалабыай көрсүһүүлэрэ буолла. Манна элбэх интэриэһинэй этиилэр уонна ыйытыылар киирдилэр, суруйда Василий Прокопьев, «Саха сирэ» саайт.
Олор истэригэр Чурапчы улууһун Сэбиэтин дьокутаата быйылгыттан үөрэх бырагырааматыгар саҥа уруок киирэрин туһунан туоһуласта. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата суруйар.
Дмитрий Попов, Чурапчы улууһун Сэбиэтин дьокутаата: « Бэрэстэбиитэллээх уорганнар II сийиэстэригэр тыа оскуолаларынан начаалынай байыаннай бэлэмнэнии биридимиэтин оскуола бырагырааматыгар киллэрэргэ этии киллэрбитим. Урукку кэмҥэ бу уруок ыччаты байыннай иитиигэ олус наадалаах уонна көдьүүстээх этэ.
Мин билэрбинэн, бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн үөрэх бырагырааматыгар ОБЖ уруогун оннугар «Куттал суох буолуутун уонна Ийэ дойду көмүскэлин төрдө» («Основы безопасности и защиты Родины») диэн саҥа биридимиэт олоххо киирэрин истибитим. Мин санаабар, бу биридимиэт уруогу таһынан буолбакка, үөрэх быргырааматыгар булгуччулаахтык киириэхтээх дии саныыбын. Туох дии саныыгыт?».
Алевтина Аргунова, СӨ Үөрэҕин уонна билимин миниистирин бастакы солбуйааччы: «Кырдьык. Уларыйбыт федеральнай ыстандаартынан саҥа үөрэх уруогун киллэрии сэрэйиллэр. Бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн «Куттал суох буолуутун уонна Ийэ дойду көмүскэлин төрдө» диэн биридимиэти үөрэтэр булгуччулаах буолуоҕа.
Саҥа уруок иһинэн начаалынай байыаннай бэлэмнэнии, ону тэҥэ тиэхиньиичэскэй уонна айылҕа иэдээннэригэр тугу гынар, хайыыр туһунан ураты дьайыыларын үөрэтиигэ (ОБЖ) туһааннаах блоктар баар буолуохтара. Итинэн сибээстээн, оскуолаларынан анал кэбиниэттэри бэлэмнээһин боппуруоһун үөрэтэбит. Былырыын бу сыалга РФ Үөрэҕин министиэристибэтэ сайаапкалары хомуйбута, онон инникитин анал кэбиниэттэри хааччыйыыга уонна үп-харчы көрүллэригэр туспа федеральнай бырагыыраама баар буолуоҕа дии саныыбын.»