Өрөспүүбүлүкэ күүстээх тустууктара бу өрөбүллэргэ «Эҥсиэли хапсаҕайа» турнирга Нам сэлиэнньэтигэр түмсүөхтэрэ. Эр дьоҥҥо муҥутуур кыайыылаахтар 150-нуу тыһ солк ылыахтара, суруйар ЯСИА.
«Эҥсиэли хапсаҕайа» турнир кулун тутар 16 — 17 күннэригэр буолар.
Эр дьон алта ыйааһыҥҥа киирсиэхтэрэ, бэтэрээн эр дьон биэс ыйааһыҥҥа.
Кыайыылаахтарга 30-туу тыһ солк көрүллэр, үрүҥ көмүстэргэ — 20-лии тыһ солк, боруонсалар 10-нуу тыһ солк тутуохтара.
Маны сэргэ муҥутуур кыайыылааҕы быһаарыыга түөрт киирсии олохтонуоҕа. Эр дьон 75 кг диэри уонна онтон үөһэ ыйааһыҥҥа сүрүн бириис — 150 тыһ солк — иһин тутуһуохтара.
Бэтэрээн эр дьоҥҥо 80 кг диэри уонна онтон үөһэ, сүрүн бириис — 100 тыһ солк.
Күрэхтэһии А категориялаах, онон өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга маастарын нуорматын толоруохха сөп.
This post was published on 11.03.2024 17:01 17:01