Бу өрөбүлгэ Саха сирин олохтоохторо икки бырааһынньыгы бэлиэтиэхтэрэ

Бу өрөбүлгэ, алтынньы 15 күнүгэр Саха сирин олохтоохторо икки бырааһынньыгы бэлиэтиэхтэрэ — өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ уонна Арассыыйаҕа аҕа. Иккиэн алтынньы үһүс өрөбүлүгэр сылын аайы бэлиэтэнэллэр.

Ийэ күнүн өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы бэрэсэдьиэн Михаил Ефимович Николаев 1993 сыллаахха олохтообута. Санатан эттэххэ, былырыын ийэ күнэ региоҥҥа 30 төгүлүн бэлиэтэммитэ.

Аҕа күнүн 2021 сыллаахха Арассыыйа бэрэсэдьиэнин ыйааҕынан дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун суолтатын үрдэтэр сыаллаахх олохтообуттара.

This post was published on 13.10.2023 15:05 15:05