Балаҕан ыйын 7 – 11 күннэригэр ГИБДД үлэһиттэрэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн таксилары бэрэбиэркэлиэхтэрэ.
Улуус ыккардыгар сылдьар оптуобустары, микрооптуобустары итиэннэ нэһилиэк иһинээҕи массыыналары бэрэбиэркэлиэхтэрэ.
Госавтоинспекция үлэһиттэрэ ордук РФ административнай кэһии Кодексын 12.5 ыстатыйатыгар болҕомтолорун ууруохтара. Дьону тиэйэр массыыналар алдьаныыларын, суоппар үлэ эрэһиимин, сынньалаҥын тутуһарын көрүөхтэрэ.
Таксига буруйу кэһии тахсыбытын көрбүт, билбит буоллаххытына Госавтоинспекцияҕа 127, 84112-352222 нүөмэрдэргэ эрийэн биллэрэргитин санатар.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-sotrudniki-gai-budut-proveryat-taksistov/
This post was published on 07.09.2020 12:01 12:01