Саха сирин хотугулуу-арҕаа өттүгэр чэппиэр түүн, сэтинньи 13-14 күннэригэр -48°С кыраадыска тиийэ тымныйара сабаҕаланар. Бу туһунан Саха сирин күн-дьыл туругун кэтээн көрөр сулууспа иһитиннэрэр.
«Хотугулуу-арҕаа өттүгэр салгын температурата түүнүн −43..−48°С, күнүһүн −25..−30°С, сорох сиринэн −33..−38°С кыраадыс буолара күүтүллэр, сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт», — диэн сулууспа иһитиннэриитигэр этиллэр.
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ соҕуруулуу-арҕаа, киин оройуоннарыгар уонна Халыма-Индигиир улуустарыгар сорох сиринэн хаар түһэрэ күүтүллэр, арыылаан тыаллаах буолуоҕа. Салгын температурата түүнүн −29..−34°С, хаар түһэр кэмигэр −20..−25°С, сорох сиринэн −13..−18°С, күнүһүн −20..−25°С, Халыма-Индигиир улуустарыгар уонна соҕуруулуу-илин сорох сирдэринэн −8..−13°С кыраадыс буолара сабаҕаланар.
Өрөспүүбүлүкэ арҕаа уонна соҕуруу өттүгэр тымныйыа, сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, түүнүн −34..−39°С, күнүһүн −25..−30°С кыраадыс тымныы.
This post was published on 12.11.2019 10:54 10:54