Онон, араас дойдуттан туристар иккилии-үстүү бөлөҕүнэн солбуһан, тиһигин быспакка Тымныы хаһаайына Чысхаан илиититтэн аан дойду саамай тымныы сиригэр сылдьыбыттарын туһунан докумуон-сэртипикээт тутаары кэлэ тураллар. Кинилэри Өймөкөөн нэһилиэгин урбаанньыта, улууска эрэ буолбакка, Саха сиригэр, Арассыыйаҕа туризмы сайыннарыыга утумнаахтык үлэлэһэр Тамара Васильева сылаас дьиэтигэр итии үүттээх чэйдээх, минньигэс бэрэскилээх үөрэ-көтө көрсөр. Саха аһын маанытын барытын амсатар Тамара Егоровнаны аан дойду бары куораттарыгар тарҕанар «этэрбэс араадьыйатыттан» истэн-билэн, туристартан от ыйыттан сакаас, сайаапка киирэн барар.
Хаартыска: Тамара Васильева тиксэриитэ.
— Саҥа дьылы Өймөкөөҥҥө ылаары 5 турист Красноярскайтан, биир — Австралияттан эрдэ сайаапкалаһан кэлбиттэрэ. Соруктарын толорон барааттарын кытта, аны икки турист Таиланд курдук ыраах сиртэн анаан айаннаан кэлбиттэрэ. Бу күннэргэ 11 турист Москваттан, Санкт- Петербургтан кэлэ сылдьаллар. Онтон 5 турист Таилантан уонна 5 киһи Арассыыйа киин куораттарыттан кэлиэхтээхтэр, — диэн кэпсиир Тамара Егоровна. Дьиктитэ баара, аан дойдуга буола турар уустук балаһыанньа туристары тохтоппот эбит. 2012 сылтан Тамара Васильева кэлбит-барбыт дьонун сурунар сурунаалыгар киллэрэн, сурукка тиһэр.
Онон билигин түөрт сыыппаралаах ахсааны суруйар, сотору кэминэн манта биэс сыыппараҕа тиийэрэ чахчы.
Тамара Васильеваны кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир улуустааҕы култуура уонна туризм сайдыытын управлениетын методиһа, Чысхаан брендин сайыннарыыга үлэлэһэр исписэлиис Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ бэлиэтииринэн, сүрүннээн ахсынньыттан кулун тутарга диэри элбэх турист кэлэр.
«Тамара Егоровнаны кытта үлэбит үгэнэ — Саҥа дьыллааҕы күннэргэ. Тохсунньуга, олунньуга — бокуой туһунан санаабаппыт даҕаны. Кулун тутарга — айылҕа саамай сырдык кэмигэр бүтэһик «туочуканы туруорааччылар» анаан хастыы да бөлөҕүнэн кэлэн бараллар. Дьэ, онтон сыыйа сынньанабыт диэххэ сөп«, — диэн санаатын үллэстэр Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ, Чысхаан брендин сайыннарар исписэлиис.
Тамара Васильева уонна Чысхаан үлэлэригэр Томтордооҕу Н.М. Заболоцкай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл салайааччыта Айталина Иванова кыттыһар.
Ол курдук, Эбэ Хайатыгар баар Чысхаан резиденциятыгар туристар хайаан да сылдьан ааһаллар. Былырыын Олоҥхо ыһыаҕын бастыҥ киэргэлинэн буолбут Чысхаан муус дойдута үгүс ыалдьыты сөхтөрөн турар.
Дьэ, ити курдук, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, Өймөкөөн улууһугар туризмы сайыннарыыга үлэлэһэр дьону ааттарын ааттаан туран, аан дойду араас сириттэн туристар тохтоло суох кэлэ тураллар. Кинилэр Өймөкөөҥҥө айаннарын туох да тохтоппот.
Ааптар: Елена Потоцкая, «Саха сирэ» саайт