Бу күннэргэ сорох оройуоннарга этиҥнээх ардах түһүөҕэ, тыал сөкүүндэҕэ 18 миэтэрэҕэ диэри тиийиэҕэ. Бу туһунан Саха сиринээҕи УГМС сайтыгар суруйаллар. Чэппиэргэ Өлөөн, Эдьигээн, Өймөкөөн, Мииринэй оройуоннарыгар этиҥнээх быстах ардах түһэрин сылыктыыллар. Ону тэҥэ дьоҕус ардах Алдан, күнүс Сунтаар, Ньурба, Муома уонна Үөһээ Халыма оройуоннарыгар түһүөн сөп.
Этиҥнээх ардах кэмигэр тыал сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэҕэ тиийэ күүһүрүөҕэ. Салгын температурата илин диэки түүнүн+8 + 13 кыраадыс, күнүһүн +22 + 27, хотугулуу-илин +18 +23, хотугулуу-арҕаа +10+15.