Бу күннэргэ Саха сиригэр зондировщик сөмөлүөттэр үлэлиэхтэрэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Саха сиригэр баһаары утары үлэлиир зондировщик сөмөлүөттэр ыам ыйын 14 күнүттэн үлэлэрин саҕалыахтара. Росгидромет ардаҕы түһэрэр Як-40 зондировщик сөмөлүөтэ өрөспүүбүлүкэҕэ ыам ыйын 13 күнүгэр кэлбитэ. Анал оборудованиелаах сөмөлүөт ойуур бааһарын ахсаанын намтатарга туһаныллыаҕа.

«Баһаартан сэрэхтээх буолуу сезонунан уонна халаан уутун содулун туоратыынан суһал ыстаап мунньаҕа ыытыллыаҕа. Быйыл сайын куйаас буолара сылыктанар. Росгидромет сөмөлүөтүн кытары Саха сирин Ан-26 салгын аала үлэлиэҕэ. Чугастааҕы күннэргэ өрүс уҥуоргу улуустарга үлэлиэхтэрэ», — диэн быһаарда СӨ Бырабыыталыстыбатын бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников.

Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспа хантараагынан Як- 40 сөмөлүөт 50-тан тахса чаас көтүүнү оҥоруохтаах. Ардаҕы түһэриигэ зондировщик былыт үрдүнэн, биэс километр кэриҥэ үрдүктэн үлэлиэҕэ. Быйыл искусственнай ардаҕы түһэрэр үлэни ыытыыга олохтоох исписэлиистэри тардар былааннаахтар.

«Үлэ сыала-соруга — ойуур баһаарын намтатар туһуттан сири-уоту сиигирдии. Сайыҥҥы сезон кэмигэр толору үлэлиир былааннаахпыт. Бу күннэргэ киин, өрүс уҥуоргу уонна соҕуруу оройуоннарынан көтүөхпүт. Саха сиригэр ардаҕы түһэриигэ эспэримиэн аан бастаан 2022 сыллаахха ыытыллыбыта. Түмүгэ олус көдьүүстээх этэ», — диэтэ «Киин аэрологическай обсерватория» тэрилтэ начаалынньыга Баграт Данелян, суруйда Саха сирэ саайт.

This post was published on 14.05.2025 17:05 17:05