Бу күннэргэ Амма өрүскэ уу таһыма үрдүөҕэ

Амма оройуонун олохтоохторун Аммаҕа өрүскэ уу таһыма үрдүүрүн туһунан сэрэттилэр. Чугастааҕы 2-3 хонук иһигэр биллэр үрдүүрэ күүтүллэр. Бу туһунан «Амма олоҕо» хаһыат иһитиннэрдэ.

От ыйын 25 күнүгэр сарсыарда Аммаҕа гидропостка 138 см бэлиэтэммит, ол аата уу 34 см үрдээбит. Буяга гидропоһугар — 220 см буолбут, уу таһыма биэс см үрдээбит.

Балыксыттары намыһах сиртэн баралларын көрдөһөллөр, уонна төрөппүттэр эмиэ оҕолорун уу таһыгар көрүүтэ суох хаалларбаттарыгар сүбэлииллэр.

This post was published on 25.07.2023 11:15 11:15