“Босуобуйа биир күнүн” СФР Саха сиригэр тохсунньу 22 күнүгэр тэрийиэҕэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россия Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаатын дьону кытта үлэлиир сулууспаларыгар тохсунньу 22 күнүгэр “босуобуйа биир күнүн” ыытыахтара.

Биир кэлим босуобуйа — нэһилиэнньэ орто дохуота региоҥҥа олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыбаннай өйөбүл кээмэйэ. Бу төлөбүрү 17 сааһыгар диэри оҕолор төрөппүттэрэ уонна хат дьахталлар ылыахтарын сөп.

Тэрээһин чэрчитинэн төрөппүттэр тирээн турар суолталаах боппуруостарга сиһилии сүбэ-ама ылыахтарын уонна билиэхтэрин сөп:

ким биир кэлим босуобуйаҕа бырааптаах;

дьиэ кэргэн тиийинэн олоруутун сыаналааһын хайдах ыытыллар;

ханнык дохуот уонна баай-дуол сыаналааһыҥҥа учуоттанара;

ханнык докумуоннар уонна сибидиэнньэлэр наадалара;

төлөбүр кээмэйэ хайдах ааҕыллара;

сайабылыанньа биэриигэ алҕаһы таһаарбат буолуу.

This post was published on 19.01.2026 16:07 16:07