Босхо мэдиссиинэ көмөтүн оҥорору мэктиэлиир саҥа судаарыстыбаннай бырагыраама уларытыылары киллэрэр

2021 сылтан федеральнайдааҕы килииникэлэргэ үрдүк технологиялаах мэдиссиинэ босхо көмөтүн быраас направлениета суох ылыахха сөп буолла. Саҥа судаарыстыбаннай бырагыраама босхо мэдиссиинэ көмөтүн оҥорору кэҥэтэр.


Федеральнайдааҕы килииникэлэргэ көрдөрүүгэ булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын полиһа (ОМС) эрэ наада.

Паллиативнай көмөнү ылыы эмиэ чэпчээтэ, диспансеризация кыаҕа кэҥээтэ, искэни туруорбут диагнозтарын хос бэрэбиэркэлэтиэххэ сөп буолла. Бу барыта гражданнарга босхо мэдиссиинэ көмөтүн оҥорору мэктиэлиир саҥа судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллар.

Пациент көрдөрүнэр поликлиникатын эрэ буолбакка, федеральнай мэдиссиинэ киинин бэйэтэ талыан сөп. Поликлиникаттан, быраастан туһаайар сурук (направление) аны ирдэммэт. Паллиативнай амбулаторнай көмө кээмэйэ кэҥээн, дьиэҕэ тиийэн патронажнай көмөнү оҥоруу элбиэхтээх. Паллиативнай көмө – кыайан эмтэммэт ыарахан ыарыылаах дьон олоҕун чэпчэтэр миэрэлэр.

This post was published on 20.01.2021 14:01 14:01