Дьокуускай куоракка буолбут «Бородуксуйа – 2019» быыстапка-атыы дьаарбаҥкатыгар «Боруулаах дьабарааскыта» туруоруллан ырытыы бара турар. Иҥэмтиэлээх эттээх, тыынар уорганы эмтиир күүстээх Эмиэрикэ уһун кутуруктаах дьабарата минньигэһинэн Дьааҥы куобаҕын кэккэтигэр турда. Дьабара диэн нууччалыыттан киирбит тыл. Научнай аата «суслик длиннохвостовый, американский, берингийский”. Камчаткаҕа, Сахалиҥҥа күндү кыыл быһыытынан туристарга көрдөрөллөр.
Дьааҥы улууһун олохтоохторо «дьабарааскыны киһи сиир» диэн кэпсэтиигэ дьиҥнээҕинэн, истибиттэринэн ырытыыга кыттыһарга сананнылар.
«Дьабарааскы Аҕа Дойду сэриитин кэмигэр сут дьыл боруулаахтары быыһаабыта» диэн уос номоҕор кэпсэнэр. Чуолаан, бу кыыл дьаарбаҥка бастыҥ аһа буолбутугар дьааҥылар киэн тутталлар. Ол эрээри, дьабарааскы эмкэ туттулларын туһунан саҥа билэллэр диэххэ сөп. Саха сирин атыытын-эргиэнин туйгуна, бэтэрээнэ сэрии сылларын оҕото, Адыаччы нэһилиэгин олохтооҕо, кэлэр сыл 90 сааһын туолаары сылдьар Семен Григорьевич Чириков: «Сэрии кэмигэр оҕо сылдьан хонууну түөрэн сардаалаан сиирбит. Өргүөнү сиэбэт этибит. Дьабарааскыны дьааҥылар өргүө диибит. Балыктыырбыт, дэҥ куобах иҥнээччи», — диир.
Олохтоох суруйааччылар, хоһоонньуттар, “Эчий” литэрэтииринэй түмсүүтүн чилиэннэрэ санааларын үллэстэллэр.
Дария Чирикова: «Сэрии кэмигэр дьон аччыктыыллара үһү. Эҥэ Сайылыгар учуутал А.П. Архипов ойоҕо улахан дьону ликбезкэ үөрэтэ сырыттаҕына, дьиэлээх киһи аччыктаан кэлбит дьахтарга буспут дьабарааскыны ууран биэрбитигэр, хоноһо сапсырына-сапсырына сиэн кэбиспит. Кэлин туох этэ буоларын билэн баран улаханнык өһүргэммитэ үһү. Боруулаахтар бренд оҥостубуттара син ыраатта. Быйылгы баһаартан үтүрүллэн бары бөһүөлэккэ сайылаатылар», — диэн сэһэргиир.
Абыйтан төрүттээх Александар Стручков-Уоллара: «Табаарыһым Гена мохоруону кытта тэҥҥэ тутан буһаран, амсаппыттаах. Этин атыҥыраан сиэбэтэҕим. Наар өтөх сиртэн быгыалыыр өргүөлэри харабыллар курдук көрөбүн. Урукку дьон чарапчылана турар буолаллара, ол кэнниттэн аан «тыр» гына сабыллар», — диир.
Түмсүү эдэр хоһоонньута, Барылас олохтооҕо Игнатий Слепцов: «Куурдар диэн сиргэ альбинос дьабарааскы үөскүү сылдьыбыта, уратыта диэн кыһыл харахтаах. Буойуулаах хонуутугар эмиэ үөскүү сылдьыбыта, көннөрү дьабарааскыны тутан кэбиһэрэ үһү. Кассетнай видеокамераҕа устубутум. Күн ахсын оттуу баран иһэр дьону атааран хороллон олорор буолара. Билигин дьабарааскылар моркуоппун дэлби хаһан сиэтилэр. Сыһыы да кутуйаҕа быйыл хайа да сыллааҕар элбээтэ», — диир кэтээн көрөн.
Дьабарааскы киһини кистээбит саҥа иин буора сымнаҕаһыттан хаһарын уонна икки миэтирэ дириҥҥэ тиийбэтин үгүс киһи билэр. Ол эрээри, ордук дьахтар аймах: «Дьабара сиир баайытын тоҕо хараһыйдахыный?» диэн күлэн-оонньоон этэллэрин киһи элбэхтик истэр.
Манан даҕатан эттэххэ, дьабарааскы киһи күннээҕи олоҕор куруук ахтыллар кэрбээччи буолар. Сахалар киһи хос аатын эрэ буолбакка, тугу сиирин-аһыырын уос номоҕор илдьэ сылдьан үтэн-анньан көрөр уратылаахтар. Бүлүүлэр дьокуускайдары сии-хоһуу курдук «дьабарааскаһыттар» дииллэрэ үһү диэн аҕам саастаахтартан истиэххэ сөп — бу дьабарааскы этэ туһалааҕын өссө биирдэ бигэргэтэр.
Геолог идэлээх, «Баачаан» ХЭУо салайааччыта Владимир Чириков Дьааҥы сирин айылҕатын, көтөрүн-сүүрэрин ааҕа билэр. Кини «быйылгы ойуур баһаарын айылҕа ыраастаныытын курдук көрдүм” диир. Куобах, өргүө үөскүүр намтал сирдэрэ умайдылар, хайалар, көмүстээх сирдэр умайбатылар. Үөһэттэн көрөн, айылҕа бэйэтэ өттүүрдүү өттөөтө. Боруулаах диэки өргүө быйыл быстыбата. Владимир Чириков өргүө туһунан маннык сырдатар: «Өргүө дьаара суох, ыраас эттээх, куобах тэҥэ кэрбээччилэргэ киирэр кыыл. Күһүн, кыһын грипп кэмигэр киһи көрдөөн булбат, оннук спростаммыт. Помуойкаттан, сыбаалкаттан аһыыр ынаҕы, сибиинньэни ааттаах минньигэстик сиибит дии. Эбэтэр, креветкэни, устрицаны, баҕаны экзотичэскэй ас дии-дии эмиэ мааны ас оҥостобут. Оттон дьабарааскыбыт экологически олус ыраас кыыл. Бөһүөлэк дьабарааскытын ким да бултаспат, хонуу киэнэ бултанар».
Кини этэринэн, дьабарааскыны астаан буһарыыны боруулаахтар эрэ сатыыллар. Анал ырысыабынан, туспа технологияны тутталлар. Үгэс билигин Боруулаахха эрэ хаалан хаалбыт. Чуолаан манна хонуу дьабарааскыта үөскүүрүгэр саамай табыгастаах. Сирэ-уота онно сөп түбэһэр: альпийскай ходуһа, орто хайаларга араас туһалаах үүнээйилээх. Дьабарааскы сыатынан Дьааҥыга тыҥаны, бааһы, уокка буспуту эмтииргэ тутталлар. Санитарнай-бактериологическай анаалыстар көрдөрөллөрүнэн, дьабарааскы этигэр киһи доруобуйатыгар буортуну оҥорор туох да көстүбэтэх.
Бу кыылы бултаан ас гынан бородуксуйа оҥорооччу уолаттар атырдьах ыйыгар диэри сохсонон бултаммыт өргүөнү дьонтон атыылаһан астыыллар. Аркадий Гургенович Слепцов: «Дьабараны астыах иннинэ хонноҕун анныттан былчархайын ыраастыыбыт. Үс-түөрт сиринэн быһан, арыыта суох дириҥ хобордооххо ыстакаан аҥаара ууну кутабыт уонна сотору-сотору булкуйабыт, өр буһарыллар. Уута уоллаҕына бэйэтин сыатыгар соркуойдуубут. Мультиваркаҕа буһарыахха сөп, ол эрээри оһоххо ордук. Тумалааһына ким хайдаҕы баҕарарынан. Миин оҥорбоккун, туши гыныллар. Кырдьаҕас дьабарааскы-өргүө 1 киилэ курдук ыйааһыннаах буолар», — диэн хайдах астанар ньыматын билсиһиннэрдэ. Быһааран этэр буоллахха, дьабарааскыны эр дьон эрэ астыыр.
«Бородуксуйа – 2019» дьаарбаҥкаҕа «Баачаан» бородуксуйата биир күнүнэн атыыланан бүппүт. Иккис да күн минньигэс амтапннаах эти ыйыталаһааччы элбэҕэ уос номоҕор сылдьар. Санатар эбит буоллахха, атыыга таһаарыахтарын иннинэ улуустааҕы бэтэринээринэй управлениеттан көҥүллээхтэр.
Дьабарааскыны ким баҕарар бултууругар анаммыт кыыл. Норуот былыр-былыргыттан туттубут эмэ, иҥэмтиэлээх аһа аттыбытыгар баар.
Дьааҥылар ордук «Дьа-ба-раас-кы-ла-һын-нар-ба-тах-та-ры-ныа-ны-наа-ҕар» диэн ким элбэх сүһүөхтээн этэригэр күрэхтэһэллэрин ааһан, дьабарааскыны үгүс киһи эм быһыытынан туттаары сакаастаһарын эттэ.
Ааптар: Раиса Чирикова, Дьааҥы улууһа