13 Балаҕан ыйа 13.09
  • $ 91,11
  • 100,39

Боруулаахтар биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөллөр

13:58, 28 ноября 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ Боруулаах нэһилиэгэр мас тиэйиитигэр субуотунньук ыытылынна. Григорий Божедонов салайааччылаах «Эр сүбэтэ» түмсүү уот сиэбит сириттэн, кураанах маһы киллэрэн атыылаатылар. Киирбит үп түөрт оҕолоох аҕа Никита Прудецкай эмтэнэригэр көмө буолар.


Боруулаах нэһилиэгин олохтоохторо мас тиэйиитигэр биир сомоҕо күүһүнэн үс тыраахтарынан, икки Урал массыынанан сырыттылар. Никита Прудецкай ыалдьан Дьокуускай куоракка балыыһаҕа киирбит. Соҕотох аҕа оҕолоро бары оскуола үөрэнээччилэрэ. Маннык ыарахан кэмҥэ нэһилиэк дьоно-сэргэтэ көмөлөспүттэрэ махталлаах суол. Кэлэр көлүөнэ ыччакка холобур буолар.

«Өссө эбии чааһынай массыыналаах дьон мас тиэйэн, атыылаан, Никита Дмитриевичка көмө оҥоруохтаахтар. Күүс-көмө буолбут дьоҥҥо махталбын тиэрдэбин», — диэн олохтоох дьаһалта баһылыга Евгений Юмшанов этэр.

Ааптар: Татьяна ГОРОХОВА

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА