Алтай Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Бронтой Янгович Бедюров айар үлэтигэр улахан оруолу норуотун олоҕо, үгэстэрэ, култуурата ылар. Бу тиэмэҕэ «Возврат воли» уонна «Твердыни Алтая» 1983 с. тахсыбыт кинигэлэрэ ананаллар. Кини Саха сирин ыһыаҕар күүлэйдээтэ.
Саҥа Элиитэ
– Бронтой Янгович, Эн Саха сиригэр хаста да ыалдьыттаабытыҥ. Бу сырыыга туох сыаллаах-соруктаах кэлбиккин кэпсии түһүөҥ дуо?
Киэн туттар киһигит Андрей Борисов тэрийбит «Эл Иитэ» уопсастыбаннай тэрилтэтин сийиэһигэр кыттыы. Мин кини ыҥырыытынан кэллим. Бэс ыйын 11 күнүгэр Алтаайга итинник мунньаҕы эмиэ тэрийбиппит, онно миигин бу хамсааһын салайааччытынан талбыттара. Этэргэ дылы, элбэх уопсастыбаннай эбээһинэспэр эбии өссө биир бурҕалдьыны кэттим. Ол гынан баран, аккаастанар кыаллыбатын өйдүүбүн. Биһиги буолбатахпытына, ким дьарыктаныай? Биир улахан көлүөнэттэн атын көлүөнэҕэ эстафетаны туттарарга куруук көмөлөһүөхтээхпит, сүбэ-ама буолуохтаахпыт. Биһиэхэ ХХI үйэни эрдээхтик туоруур сорук турар. Ону саҥа элиитэ эрэ (сааһыттан тутулуга суох) оҥорор кыахтаах. Олох саҥа философиятын талыахтаахпыт, аан дойдуга үптэн-харчыттан үрдүкү турар сыаннастар баалларын өйдүөхтээхпит, ол эбэтэр «лааппылаах» киһи идеологиятынан олоруо суохтаахпыт. Египет, Эллээдэ, Греция, Вавилон уо.д.а. курдук былыргы сайдыылаах судаарыстыбаларга уопсастыбаны үөрэхтээх кылаас салайара. Кинилэр олоххо сирдииллэрэ, фараоннары, ыраахтааҕылары, кинээстэри, султааннары, хааннары уопсастыбаны салайарга үөрэтэллэрэ.
Сахалары билбэттэрэ ордук
– «Эл Иитэ» диэн эһиги тылгытынан хайдах өйдөнөрүй?
– Андрей Саввичтыын Москваҕа көрсөрбүтүгэр ити тылы эппитигэр биһиги «Эл Иидэ» диэн тылбытыгар майгыннаппытым. «Иидэ» диэн күүс-уох, норуот күүһэ (өйдүүр толкуй, айар дьоҕур күүһэ) диэн суолталаах. Бэҕэһээ сийиэскэ ХIХ үйэ иккис аҥаарынааҕы Сибиир уһулуччулаах публициһа Н.М. Ядринцев ыстатыйаларыттан быһа тардыылары аахпытым. Кини оччотооҕу саха норуотун туругун хайдахтаах курдук истиҥ тапталынан суруйбутай? «Сибиир аҕата» Ядринцев элбэх норуот олоҕун үөрэппитэ, ордук сахалары хайҕаабыта. Сорохтор аан дойдуга сахалары билбэттэрин курдук этэллэр. Онтон хомойор наадата суох. Баҕар онуоха-маныаха диэри билбэтиннэр, ымсыы харахтарын хатаабатыннар… Эһиги өбүгэлэргит төрүттэрин дойдуларын сүтэрбиттэрин билэҕит. Ханнык баҕарар норуот төрүт буор сириттэн бэйэтин баҕатынан барбат. Онно икки эрэ чахчы күһэйэр: килиимэт төннүбэттии уларыйыытыттан атын сиргэ көһүү эбэтэр байыаннай куттал, бүтэн биэрбэт сэриилэр, атааннаһыылар уо.д.а.
Оттон саха омук өбүгэлэрэ биһиги континеммыт хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр уйаара-кэйээрэ биллибэт дойдуга үктэммиттэрэ, ону баһылаабыттара, бэйэлэрин култуураларын оннунан хаалларбыттара, саҥа быыһы арыйбыттара – онон тыыннаах хаалбыттара.
Аан дойду айдаанын туһунан
– Билигин дойдуга күөдьүйэ турар «итии туочукалары» суруйааччы быһыытынан хайдах сыаналыыгын?
– Арассыыйаҕа буола турар хаан тохтуулаах дьайыылар, атааннаһыылар тастан, үксүгэр нүдьү-балай быһыыттан-майгыттан оҥоһуллаллар. «Сэбиэскэй Сойуус үрэлиннэ» диэн сыыһа этэллэр. Биһиги улахан дойдуга иллээхтик-эйэлээхтик олорбуппут, Беларуссияҕа, Эстонияҕа, ханнык баҕарар өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэр кыахтаах этибит. Ханна да тиийдэрбит, бары биир уопсай дойдулаахпытын, ол иһигэр, бэйэбит төрөөбүт-үөскээбит сирдээхпитин-уоттаахпытын, дьиэлээхпитин өйдүүрбүт. Манна сыһыаран эттэххэ, саха уонна алтаай норуота биир төбөнөн үөһээ таҕыста, мындыр толкуйдааҕын, ырааҕы көрөрүн көрдөрдө.
Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ «кыыс бэйэтин сыбаайбатыгар саакка-суукка киирдэ» диэн өс хоһооно баар. Ол курдук, байыаннай дьайыылар барар дойдулара биһиги иннибитигэр саакка-суукка киирдилэр. Оттон Бурятия, Алтаай, Хакасия, Тува, Саха сирэ, о.д.а. дойдулар «бэйэҥ олор уонна атын дьоҥҥо олоҕу биэр» диэн тускулу тутуһан эйэлээхтик олоробут. Мин санаабар, бу – норуоттар икки ардыларыгар эйэ уонна сөбүлэһии сүрүн лозуна. Биһиги бары холбоһон, хас биирдиибит сирин-уотун ытыктаан-убаастаан олоробут. Ол иһин этэбин: Россияҕа туора норуот суох, хас биирдии норуот бэйэтэ олорор сирдээх-уоттаах, дьиэлээх, култууралаах, илдьэ кэлбит үгэстэрдээх, абыычайдаах. Нуучча култууратын туһунан эттэхтэринэ, саха, чукча, алтай, бурят, о.д.а. норуоттарын өйдүү түһэбит, бары биһиги дойдубут улуу национальнай култууратын оҥоробут. Бэйэ-бэйэтэ суох сатаммаппыт, улахан дойдуга олорор үөрэммит дьоммут.
– Эн Алтаай норуодунай суруйааччытаҕын. «Норуодунай суруйааччы» диэн аат эйиэхэ тугу биэрэрий?
Мин урут «биһиэхэ итинник аат-суол суоҕа үчүгэй» диэн этэр этим. Сэбиэскэй кэмҥэ норуодунай аатын ылар туһугар суруйааччылар мөккүөрдэрэ баар буолара. Ааты-суолу үллэстии соччото суох эйгэни үөскэтэрэ. Оттон, биир өттүттэн ылан көрдөххө, улахан бочуот уонна төрөөбүт дойдуҥ, норуотуҥ билиниитэ буоллаҕа. Мин санаабар, эһиги «бочуоттаах гражданин» диэн аакка дьоһуннаахтык сыһыаннаһаргытын бэлиэтиибин. Биһиэхэ, төттөрүтүн, ардыгар киһи аайы, кэлии дьоҥҥо түҥэтэллэр. Ону олус бэрдэ суох илэҥ-салаҥ түһүү курдук көрөбүн. Туохха барытыгар орто сүрүн диэн баар буолуохтаах.
Тылы билии
– Билигин ханнык кинигэни суруйа сылдьаҕын?
– «Слово об Алтае» бэйэм бырайыакпар үлэлээбитим сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Араас кэм учуонайдара Алтаай туһунан чинчийиилэрин систиэмэлииргэ холонобун. Систиэмэлээһин кэлэр көлүөнэҕэ дьоһун суолталаах. Мин бэйэм дойдум былыргытын барыларыттан ордук билэбин дии саныыр этим да, таҥара эрэ бэйэтин оҕолорун үчүгэйдик билэр кыахтаах. Сырыы аайы саҥаттан-саҥаны арыйабын. Алтаай туһунан төһөнөн элбэҕи билэбит да, дойдубут хас биирдии сүрэххэ суолтатын уонна сыаннаһын сөпкө өйдүөхпүт. Ити үлэбин 2007 с. бүтэриэхтээх этим да, кэккэ төрүөттэринэн ситэрэ иликпин. Биһиги ахсааммытынан аҕыйахпыт. Норуот ахсаана төһөнөн аҕыйах да, айар киһи санныгар оччонон элбэх ноҕурууска сүктэриллэр. Новосибирскайтан биир суруйааччы кэлэ сылдьан, Алтаай суруйааччыларыгар ымсыырарын туһунан эппитэ. «Эһиэхэ олох күөстүү оргуйар. Тоҕо диэтэххэ, эһиги суолу тэлээччилэргит, классиктаргыт, хоһоон эрэ суруйбаккыт, уопсастыбаннай үлэҕит, инники соруккут элбэх. Оттон мин орто бэйээт буоларбын билэбин, мин курдуктар элбэхпит. Биһиги иннибитинэ нуучча улуу бэйээттэрэ барытын суруйбуттара. Оттон эһиги барытын саҥалыы суруйаҕыт», – диэн турардаах. Онон эһиги да, биһиги да – кэлэр кэм норуоттарабыт.
1961 с. «Сүүрбэччэ сылынан коммунизмы тутуохпут, оччоҕо бары биир тылынан саҥарар буолуохпут» диэн сыыһа бырагырааманы оҥорбуттара. Ол биһиэхэ эрэ буолбакка, нууччаларга бэйэлэригэр мөлтөхтүк дьайбыта. Дойдуну ыспыт омуктаһыы уонна сепаратизм төрүттэрэ итинтэн саҕаламмыттара. «Атын омуктар бары нууччалыы саҥарыахтаах буоллахтарына, нуучча киһитэ атын омук тылын тоҕо билэ сатыахтааҕый?» диэн санааны иҥэрбиттэрэ. Ол түмүгэр кинилэр биһиги норуоттарбытынааҕар мөлтөөн биэрбиттэрэ. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр биир эрэ тыллаах этилэр. Оттон биһиги, төттөрүтүн, нуучча тылын баһылаан (бэйэбит тылбытын сүтэрбэккэ) өссө күүһүрбүппүт.
– Эн айымньыларгын сахалыы тылбаастыыр кыах бэриллэрэ буоллар, ханнык үлэҕин тылбаастатыаҥ этэй?
«Слово об Алтае». Мин былырыын 90 саастаах саха суруйааччыта Семен Гороховка Алтаай норуотун үһүйээннэрин бэлэхтээбитим. Кини ону тылбаастаан, быйыл «Алтайтар ойроттар үйэлэринээҕи үһүйээннэрэ уонна номохторо» кинигэни бэчээккэ таһаарбытыттан соһуйдум уонна үөрдүм. Түүр омуктара өс хоһооннорбутун, үһүйээннэрбитин, былыргы номохторбутун тылбаастаһыаҕыҥ. Оччоҕо биһиги уопсай төрдүбүт ханан сытарын, салааларбыт ханна тиийэн арахсыбыттарын билиэхпит.
Дьоһун дьон суолтата
– Саха сиригэр ыһыахтарга сылдьан ханнык баҕа санааларгын тириэртиҥ?
– Быйыл биһиэхэ икки бүк үөрүүлээх үбүлүөй. Алтаай норуота Арассыыйа састаабыгар баҕа өттүнэн киирбитэ 260 сыла уонна Алтаай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 25 сыла. Эһиги табыллыбыт норуоккут. Саха сирин Өксөкүлээх Өлөксөй, Б.Ойуунускай, Ис. Бараахап уо.д.а. үөрэхтээх дьон салайбыттара, сайдыы олугун оҥорсубуттара. Ил Дархаҥҥыт норуот туохха наадыйарын, туох соруктааххытын чопчу билэр. Оттон биһиги үгэстэрбит хаста да быста-быста салҕаммыттара, 70 сыл хойутаан өрөспүүбүлүкэ буолбуппут. Дьоһун дьону былааска чугаһаппатахтара. Хомойуох иһин, оннук бэлиитикэ баара. Ол билигин охсор.
Бронтой Янгович Бедюров – Алтай Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын сэкирэтээрэ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, тылбаасчыт, востоковед-тюрколог.
This post was published on 30.06.2016 11:08 11:08