Дьокуускай, Нерюнгри, Амма, Үөһээ Бүлүү уонна Мэҥэ Хаҥалас суоппардары үөрэтэр оскуолаларыгар материальнай-техническай баазалара ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт, ол туһунан өрөспүүбүлүкэ борокуратууратыгар эттилэр.
Саҥа быраабылаларга олоҕуран, маннык оскуолалар выпускниктара Госавтоинспекция эксээмэннэригэр киллэриллибэттэр.
Маны сэргэ Дьокуускай үс оскуолатыгар, төһө да бобуулааҕын үрдүнэн, үөрэтиини дистанционнай киэбинэн ыыта сылдьаллара билиннэ.
Бүлүүгэ уонна Тааттаҕа коммерческай интэриэс баарынан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Үөрэҕи ааспытын туһунан сымыйа докумуоннары атыылаабыттар.
Уус Алдаҥҥа үөрэммэтэх киһиэхэ суоппар идэтин ылбытын туһунан сибидиэтэлистибэ биэрбиттэр. Холуобунай дьыала тэрилиннэ.
«Бэрэбиэркэ салҕанар», — диэтилэр борокуратуураҕа.
This post was published on 08.07.2024 14:01 14:01