22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Борокуратуура туруорсан, ийэ дьиэлэннэ

16:00, 20 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үгүскүт билэрин курдук, борокуруордар судаарыстыба интэриэһин эрэ буолбакка, биирдиилээн дьон быраабын эмиэ көмүскүүр. Кинилэр ити — сүрүн соруктарыттан биирдэстэрэ.


Ол курдук, Өлүөхүмэ борокуратуурата икки оҕолоох ийэ сайабылыанньатынан бэрэбиэркэ ыыппыт.

Бэрэбиэркэ быһаарбытынан, социальнай наймылаһыы дуогабарыгар олоҕуран, бу дьахтар оҕолорунаан хаарбах туруктаах дьиэҕэ олорбут. Оттон, дьиҥэр, анал хамыыһыйа таһаарбыт түмүгүнэн, бу дьиэ өссө 2014 сыллаахха хаарбаҕынан билиниллэн көтүрүллүбүт эбит. Маныаха муниципалитет киниэхэ атын дьиэ биэриэхтээх эбээһинэһин толорботох.

Оройуон борокуруора бу ийэ уонна кини дьиэ кэргэнин бырааптарын көмүскээн, суукка ирдэһэр сайабылыанньа киллэрбит. Онно «Өлүөхүмэ куорат» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын социальнай наймылаһыы дуогабарыгар олоҕуран, бу ыалга толору хааччыллыылаах дьиэ биэрэри туруорсубут.

Суут ону толору өйөөбүт.

Онон, борокуратуура көмөлөһөн, бу ыал үчүгэй дьиэлэммит-уоттаммыт.

Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар