Таатта улууһун Боробул бөһүөлэгэр «Үҥкүү олохпут тэтимэ» диэн көлүөнэни ситимниир бэрт сэргэх киэһэ буолла.
Түһүлгэҕэ нэһилиэк иһинэн тэриллибит «Илгэ», «Эрчим», «Саһарҕа» үҥкүү бөлөхтөрө дохсун ытыс тыаһынан уруйданнылар. Дьоро киэһэни «Иэйии» ырыа бөлөҕө, нэһилиэк көмүс куоластаахтара кыттыһан, ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Көрөөччүлэр Индия үҥкүүтүн кыайа-хото туппут оҕо саадын үлэһитэ Лариса Попова (үөрэтээччитэ СӨ үөрэҕирии туйгуна Анна Ючюгяева), узбекскайы оҕо сааһыттан сөбүлээн бэйэтигэр нүөмэр оҥостубут Раиса Игнатьева чэпчэки, имигэс хамсаныыларын уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр. Үҥкүүлэри туруорбут Марфа Дорофееваҕа, Инна, Оксана Жирковаларга, Алексей Алексеевка, Элеонора Неустроеваҕа, култуура дьиэтин салалтатыгар Изабелла Жараеваҕа, Анна Константиноваҕа истиҥ киэһэни бэлэхтээбиттэригэр махтаннылар.
This post was published on 28.03.2016 17:04 17:04