Боробулга хабылыгы, хаамысканы көҕүлээччинэн Мария Бысыина буолар

Таатта улууһун Боробулугар өрөбүлгэ остуол оонньуутугар биэс түөлбэттэн 30 киһи күөн көрүстэ. Бу күн саастаахтар күннээтилэр. 


Анатолий Аянитов, Иван Чохин, Александр Татаринов имигэстик уонна сымсатык туттан, чаҕылхайдык хаамыскалаан, хабылыктаан тэҥнээхтэрин булбатылар. Сатабыллаах оонньууларынан эдэрдэри чаҕыттылар.

Уопсай түмүккэ «Таатта» түөлбэ хамаандата бастаан, үөрүү-көтүү өрөгөйө буолла. Кинилэртэн бэрт аҕыйах очкуонан хаалан иккис бириистээх миэстэҕэ «Киин» түөлбэ таҕыста. Үсүһү «Саар ыаҕас» дьоно ылан өрө тыыннылар. «Лыабачаайылар» «Кыайыыга дьулуурдарын иһин», “боробуллар” “Көхтөөх кыттыы иһин” анал ааттары туттулар.

Нэһилиэк олохтоохторо күүрээннээх күрэхтэһиини тэрийбит, иилээбит-саҕалаабыт, дьону-сэргэни бу оонньууга уһуйбут, үөрэппит-такайбыт «Мичил» оҕо саадын үлэһитигэр Мария Бысыинаҕа, болҕомтотун ууран тэрийсибит нэһилиэктэрин спорт инструкторыгар Петр Харайдановка махтаннылар. «Мария Николаевнаны сатабыллаах салайааччы быһыытынан сыаналыыбыт. Кини нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэргэ оҕону-урууну, дьону-сэргэни кытыннарар туһугар үгүс түбүгү-садьыгы көрсөр. Санаабытын куруутун өрө көтөҕөр, күүһү-уоҕу, эрчими биэрэр, барыга көмөлөһөр, өйөбүл буолар мындыр киһибит», — диэн киэн туттан бэлиэтээтилэр.

This post was published on 21.03.2016 18:08 18:08