23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Бороҕоннооҕу РЭС үс улууһу уотунан хааччыйар

11:10, 29 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тиит Арыы, Бэйдиҥэ, Дыгдаал, Кыыллаайы нэһилиэктэрин аныгы технологиянан оҥоһуллубут анал бүрүөһүннээх ситиминэн (СИП) уларытыахтарыттан, бу хайысхаларынан уот арахсыыта аҕыйаабытын туһунан Бороҕоннооҕу РЭС начаалынньыга Николай Алексеев кэпсиир. Маннык ситимҥэ нэһилиэнньэ бэйэтин күүһүнэн сатаан быһалыы холбонор кыаҕа суоҕунан, электричество уотун кэмчилээһиҥҥэ үтүө эрэ өрүттээх буолбутун энергетиктэр этэллэр.


Дьокуускай куораты кытары ыаллаһа олорор улуус суола-ииһэ быста мөлтөҕүнэн, энергетиктэр уот ситимин оҥорууга, өрөмүөннээһиҥҥэ сыл ахсын улахан харгыстары көрсөллөр. Эбиитин туһааннаах тиэхиньикэлэрэ суох буолан, сорох дьыл сатыы сылдьан үлэлииргэ күһэллэллэр. Онон Суоттуга, Дүпсүҥҥэ, Тандаҕа сетевой учаастактардаахтар итиэннэ Сыырдаахха, Кэптэнигэ, Курбуһахха монтерскай пууннардаахтар. Олор уот араҕыста даҕаны, төһө кыахтара тиийэринэн чөлүгэр түһэрэллэр. Нэһилиэктэргэ баар монтердары ааҕан туран, күн бүгүн Бороҕоннооҕу РЭС-кэ 76 киһи үлэлиир.

Дьокуускайдааҕы ГРЭС-тэн кэлэр 110 кВ магистральнай ситими таһынан, 35, 10, 6, 0,4 кВ линиялары көрөн, олохтоохтору уотунан-күөһүнэн хааччыйабыт. Көрөр-истэр ситиммит уопсайа 1300 км уһуннаах. Бороҕоҥҥо 10 МВт кыамталаах икки трансформатор улууһу бүтүннүү уотунан хааччыйар. Дүпсүн саамай ыраах сытар учаастакпытынан буолар: Бороҕонтон 60 км, Тандаттан 45 км. Салгыы өссө Бээрийэ кэлэр. Эбиитин бу хайысхаларынан тирэхтэрбит өрө анньан тахса туралларынан, сыл ахсын өрөмүөн үлэтин эрэйэллэр, – диэн Николай Петрович кэпсиир.

Ханна да буоларын курдук, уот арахсыыта син биир баар. Аны сааскы өттүгэр былааннаммыт өрөмүөн үлэтэ ыытыллар. Нэһилиэнньэҕэ улаханнык мэһэйдээбэт туһуттан, уоту аҕыйах эрэ чаас араараллар. Онон солбукка сөмөлүөт мотуорунан үлэлиир ПАЭС-2500 диэн көһө сылдьар станцияларын холбууллар.

Бороҕоннооҕу РЭС Уус Алданы таһынан өссө чугастыы сытар улуустары эмиэ хааччыйар. Ол курдук Мэҥэ Хаҥалас улууһун Маттатын, Дойдутун, Нам улууһун II Хомустааҕын, Көбөкөнүн, Фрунзетын уотунан хааччыйаллар. Өссө маны таһынан концессионнай сөбүлэһии быһыытынан, сопхуос саҕаттан көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт 100 км тахса уот ситимнэрин, сайылыктарга, биирдиилээн тэрилтэлэргэ баар 70-ча трансформатордары көрөллөр-истэллэр. Дьиҥэр, бу ситимнэр уонна трансформатордар кинилэр балансаларыгар киирбэттэр эбит.

Уус Алдан улууһугар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уот ситимнэрин тирэхтэрэ быста эргэрдилэр. Ааспыт үйэ 70-80-с сылларыгар тутуллубут ситимнэр үгүстэрэ олоччу ууга туралларын таһынан, сорох сирдэринэн өрт уота салаан, сууллаары, нэһиилэ иҥнэн тураллар. Холобур, Танда, Кэптэни, Дүпсүн эҥэригэр бэриллэр 35 кВ-таах линия тирэхтэрэ 40-ча сыл анараа өттүгэр туруоруллубуттар. Тирэхтэр эмэҕирэн бүттүлэр. Аны саатар линиялар суола-ииһэ суох сиринэн ааһаллар: араас аппа, сыырдаах, маардаах, хайа барыылаах сирдэр. Үлэлииргэ олус ыарахан. 500 км ситим тимир-бетон тирэхтээх, уоннааҕылар – мастар. Мас биэс-алта сыл буолла да эмэҕирэн, сытыйан охтон барар. Тандаттан Кыыллаайыга, Түүлээххэ диэри барыта үрэх. Дүпсүн өттө эмиэ ууга барда. Ууга турар опоралар өрө анньан тахсаллар. Онон «сулууспалыыр» болдьохторо, атыннык эттэххэ, үйэлэрэ кылгыыр эбит.

Уот ситимнэрин СИП-кэ уларытыы былаан быһыытынан ыытыллар. Ол эрээри СИП-кэ уларытыы кэмигэр атын үлэ тохтоон хаалар эбит. Үлэһиттэр ахсааннара аҕыйах буолан, биир линияҕа күргүөмүнэн сылдьаллар. Дьиҥэр, урукку линиялары саҥа технологиянан оҥоһуллубут кабелларга уларытыыга атын бэдэрээтчиттэр да үлэлиэхтэрин сөп эбит. Аны тиэхиньикэлэрэ эргэрэн, үлэни атахтыырын этэллэр. 2011 сыллаахха саҥа автокранынан уонна МТЗ-82 тракторынан хааччыллыбыттар. «Бу кэнниттэн мэлигир. Саҥа тиэхиньикэ суох. Барыта ааспыт үйэтээҕи массыыналар сүүрэ сылдьаллар. Үлэһиттэрбит мындыр, сатабыллаах, уран тарбахтаах буоланнар, өссө күн бүгүнүгэр диэри сүүрэ сылдьаллар», — диэн маастар Юрий Артамонов этэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА