Бороҕоҥҥо аҕам саастаахтарга анаммыт төгүрүк остуол

Өрүс уҥуоргу улуустар аҕам саастаахтарыгар аналлаах «СӨ бэтэрээннэригэр  судаарыстыба оҥорор социальнай өйөбүллэрин уһулуччу суолталаах боппуруостара» диэн төгүрүк остуол Уус Алдан улууһун Бороҕон бөһүөлэгэр буолла.   Бу туһунан СИА улуустааҕы киин бибилэтиэкэ дириэктэрэ Варвара Окоемова иһитиннэрдэ.


«Тэрээһин түһүлгэтигэр СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы, доруобуйа харыстабылын, гражданскай уопсастыба институтун сайыннарыы министиэристибэлэриттэн, пенсионнай фонда өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатыттан кэлэн кытыннылар. Ыраахтан-чугастан мустубут бары ыалдьыттарга, бэтэрээннэргэ оҥоһуллар судаарыстыбаннай социальнай көмөлөр тустарынан, Улуу Кыайыы 75 сылыгар ыытыллар бэлэмнэнии үлэлэр тустарынан сырдаттылар. Уус Алдан улууһун социальнай-экономическай сайдыытын, бэтэрээннэргэ оҥоһуллар өйөбүллэр тустарынан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Михаил Борисов кэпсээтэ. СӨ сэрии, үлэ бэтэрээннэрин общественнай тэрилтэтигэр 30 сыл устатыгар туох үлэ ыытыллыбытын, аҕам саастаахтар ордук туох кыһалҕалаах буолалларын, ону туоратарга туох үлэ ыытылларын туһунан тэрилтэ бочуоттаах бэрэссэдээтэлиттэн Будимир Слепцовтан иһиттилэр.

Улуустааҕы түмсүүлэр бэрэссэдээтэллэрэ Амматтан Александра Шестакова, Мэҥэ-Хаҥаластан Маргарита Максимова, Чурапчыттан Матрена Матвеева, Тааттаттан Мария Бондарева, о.д.а. миэстэтигэр тэрийэр үлэлэрин билиһиннэрдилэр, санааларын үллэһиннилэр. Уус Алдаҥҥа үһүс көлүөнэ оскуола дириэктэрин солбуйааччы  Мария Колодезникова киһи үйэтин уһатарга маннык оскуолалар үлэлэрэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ, аҕам саастаахтар бириэмэлэрин туһалаахтык атааралларын кэпсээтэ», — диир кини. Тэрээһиҥҥэ мустубут ыалдьыттар нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар дьиэлэригэр тиийэн олохторун-дьаһахтарын билсибиттэриттэн, санааларын-оноолорун истибиттэриттэн, сэһэргэспиттэриттэн бүтүн нэһилиэнньэ сэргэхсийбитин эттэ.

Бу курдук үлэни-хамнаһы, инники былааны билсэн, элбэх сүбэни-аманы бэрсэн баран төгүрүк остуол кыттыылаахтара Аҕа дойду улуу сэриитигэр охтубут буойуттар пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурбуттар, хаартыскаларга түспүттэр. Сынньалаҥҥа уран тарбахтаахтар быыстапкаларын сөҕө-махтайа көрбүттэр.

Тэрээһин түмүгэр аҕам саастаахтар олохторун хаачыстыбата үрдүүрүгэр болҕомто уурулларын, өрөспүүбүлүкэ общественнай-политическай олоҕор бэтэрээннэр суолталара үрдүктүк тутулларын, кэнчээри ыччат төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буоларыгар туһааннаах үлэлэр ыытыллалларын о.д.а. бэлиэтээбиттэр. Инники былааннарын торумнаабыттар. Эдэрдэр, оскуола оҕолоро тэрээһини кулгаах таһынан аһарбакка болҕомтолорун уурбуттарыгар, өйөбүл буолбуттарыгар үөрбүттэр, махтаммыттар.

This post was published on 05.08.2016 15:53 15:53