Бороҕоҥҥо 290 мөлүйүөннээх уһуйаан тутуута саҕаланна

Кулун тутар 21 күнүгэр Уус Алдан улууһун киинигэр – Бороҕоҥҥо – судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство үбүлээһинэн тутуллар оҕо саадын дьиэтин бастакы сыбаайата түстэ. Уопсайа 290 мөлүйүөн солкуобай ороскуоттанара быһаарыллан, үлэ саҕаланна. 


Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин спикерэ Александр Жирков, үөрэх миниистирин солбуйааччы Василий Гуляев, тутуу уонна архитектура миниистирин солбуйааччы Галина Новикова, “Алмаасэргиэнбаан” бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Людмила Николаева, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов кыттыыны ыллылар.

Тутууну ыытар “Русстрой-98” тэрилтэ директора Руслан Алибеков: “Бу объегы балтараа сылынан тутан бүтэрэр соруктаахпыт. Каркас-монолит ньыматынан тутуллар үс мэндиэмэннээх 3000 кв.м. иэннээх дьиэ буолуоҕа. Сайыҥҥы уу суола аһыллыар диэри үлэлиир матырыйаалбытын бу күннэргэ таһан бүтэриэхпит. Тутуу хаачыстыбалаах буоларыгар, болдьоҕор киирэригэр эрэннэрэбит”, — диэн этиитин Бороҕон олохтоохторо ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.

This post was published on 22.03.2016 12:51 12:51