Билиҥҥи саха литературатын эйгэтигэр норуот ураты мөссүөнүн уус-ураннык ойуулааһыны чинчийии, ырытыы улахан суолталанна, ол бүтүн аан дойдуга глобализация үйэтигэр норуот тыыннаах хаалар суолун, аҕыйах ахсааннаах омук сүтүүтүн туһунан дьаахханар санаалартан ситимнээх буолуон сөп. Ону тэҥэ литература тус майгытын (индивидуальноһын), норуот олоҕун, мындыр уопутун кытта ситимин быспакка саҥалыы хайысхаланыытын бигэргэтэр. Литература сайдыытын, саҥа хаачыстыбатын туһунан анаарыы билиҥҥи литературнай процесс көстүүтүн, айа-тута сылдьар дьон айымньыта, буруолуу сылдьар хоһоон, кэпсээн дьон өйүгэр-санаатыгар хайдах быһыылаахтык тиийэрин эридьиэстээһинтэн тахсар.
Онуоха литература суолугар бэйиэт, суруналыыс Борис Иванович Павлов айар үлэтин уратытын, кини поэзияҕа киллэрбит сонун буочарын, жанрга хайысхатын, онтон сиэттэрэн проблематика, идиэйэ, ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма, уобарастааһын уратытын ырытыы сонун түмүктэри биэриэн сөп.
Саргылаана Ноева (Карманова), филологическай наука кандидата, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар проблемаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ
ХХ үйэ уустук балаһа кэмнэригэр түбэһэн айан-тутан саҕалаабыт, норуот дьылҕатыгар, бииргэ үөскээбит дьонун өйүгэр-санаатыгар, духуобунай туругар историко-культурнай балаһыанньа хайдах быһыылаахтык дьайбытын этинэн-хаанынан билбит, сэрэйбит Борис Павлов «Дьолуо» кинигэтигэр киирбит айымньыларын сүрүн сыала-соруга – аныгы киһини өбүгэ кэриэһин, олоххо хайысха, кэм-кэрдии утумун туһунан дириҥ бөлөһүөктүү толкуйдарга салайыы.
Кинигэ 35 айымньыттан таҥыллыбыт. Онтон 25 айымньыта поэтическай, 10-а прозаическай форманан суруллубут.
«Дьолуо» кинигэ саха билиҥҥи поэзиятын хонуутугар болҕомтону тардар ураты формалаах, сонун уус-уран истииллээх кинигэ быһыытынан көстөр.
Бастатан туран, ааптары бэлиэтиир “мин” диэн уус-уран категория хас да көрүҥнэниитин бэлиэтиир тоҕоостоох.
Бастакы Мин. Ырыаһыт ол эбэтэр Поэт уобараһа айымньыларга сүрүннүүр оруоллаах. Ол да иһин поэт тус авторскай Мин уобараһа хас да хоһооҥҥо ахтыллар Бэйиэт, Ырыаһыт уобараһынан солбуллар. Бүлүү эбэ туһунан блюз, Хас биирдии саһарбыт сэбирдэххэ, Чүмэчи уота кылайарын тухары хоһооннорго рок, блюз музыка матыыбыгар ситимнэнэр. Кинигэгэ икки төгуллээн Иван Арбитаны ахтан аһарар түгэннэргэ бу санаа эмиэ сэрэйиллэр. Тыл ытык өйдөбүлүн илдьэ сылдьар поэт (ырыаһыт) норуот, дьылҕа туһунан санаалары дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэр бөлөһүөк, пророк аналын толорорун ааптар санатар.
Манна даҕатан эттэххэ, сахалыы рок музыка эстетикатыгар хабааттыы Борис Павлов айымньыларын уобарастааһыныгар хара маҥнайгыттан бэлиэтэнэр. Холобура, хотой, соҕотох бөрө, сулус, кыргыһыы, эр бэрдин уобарастарыгар көҥүл, кырдьык, охсуһуу идеята тутулла сылдьар.
Мин категория иккис көрүҥнэниитэ – Айанньыт уобараһа. Айанньыт, суоппар, суолу тэлээччи лирическэй субъект быһыытынан Олох олоруу матыыбын ситэри-хотору арыйар. Бу уобарастарга утары оруоллаах персонаж – хаамаайы, күрүөйэх – айанньыкка утары турар антагонист буолаллар.
Айан концептын-өйдөбүлүн салгыы сайыннарар тыл бөлөҕө маннык кэккэ өйдөбүллэртэн турар – суол, ат, тыы, аал, куйаар, туундара, муора, халлаан о.д.а. Ол курдук айан уустук философскай уобарас буолан Айанньыт, Дьолуо, Тыал буолбуттар, Аалыы алтан биһилэх, Күөх сулуска айан, Ыраах айан суоппара, Уу көтүүтэ хоһооннорго, Айаны сөбүлүүр киһи, Өрүс бэлэҕэ кэпсээннэргэ бэлиэтэнэр.
Хоһооннор харахха быраҕыллар жанровай уратыларынан көрдөһүү, ааттаһыы форматынан суруллубуттара буолар. Ол курдук лирическэй дьоруой бастаан бэйэтин тулалыыр эйгэ көстүүлэригэр, кыһыҥҥа, бырдахха, чыычаахха, эр бэрдигэр, поэкка, худуоһунньукка, харыс бэлиэҕэ, күҥҥэ анаан, туһаайан этэр-тыынар буоллаҕына, ол матыып аргыый күүһүрэн, Аар Айыы таҥараҕа туһулааһын буолан, малыыппа, алгыс жанровай арааһыгар хабааттар – ити Хаар хаачыргыыр, Уу көтүүтэ, Урааҥхайдар, Харыс бэлиэ, Байҕал алгыһа о.д.а . хоьооннорго көстөр.
Үгүс хоһоон верлибр (үрүҥ хоһоон) форматынан суруллубут. Үрүҥ хоһоон форматын талан суруйуу айымньылар бөлөһүөктүү ис хоһооннорун – олох, дьылҕа туьунан толкуй, ырытыы, анаарыы ураты туругун, бэрт чопчутук, түгэхтээхтик тиэрдэр. Ол курдук хоһооннорго ураты медитативноһы, ол эбэтэр лирическэй дьоруой бэйэтин түгэх толкуйугар иһийиитин бэлиэтиир оруннаах. Медитативнай лирикаҕа бэлиэтэнэр биир күдьүс, быстыбакка сыыйыллар санаа ситимэ бииртэн биир хоьооҥҥо салҕанан, бигэргэтиллэн иьэр. Ол поэтическай айымньылартан аргыый проза айымньытыгар аа-дьуо көһөн, биир тиһиги, уус-уран концепцияны үөскэтэн, туомтуу баайан кэбиһэр. Суггестивность (итэҕэтии) уус-уран айымньы биир бэлиэтэ буолан, притча (номох) кэриэтэ ис хоһоонноох кылгас прозаическай айымньыларга, кэпсээннэргэ ити курдук күүстээх эмоциональнай дьайыыны, поэтическай төрүтү үөскэтэр.
Уопсайынан, Борис Павлов айымньыларыгар билиҥҥи кэмҥэ дэҥҥэ көстөр национальнай майгы уратытын көрдөрүү бэркэ табыллан хоһуйуллубута хайҕаллаах. Ол тиэмэ, уобарас, сюжет уратытыгар эрэ буолбакка, айымньы тутулун, жанрын талыыга кытары бэлиэтэнэр диэххэ наада. Холобура, үрүҥ хоһоон медитативнаһа сахалыы нус-хас майгыны, олохтоох толкуйу, азиаттыы ис анаарыыны дьэҥкэрдэргэ дылы. Оттон кылгас кэпсээннэргэ түүрдүү илиҥҥи литератураларга уруккаттан көстөр притча, номох көрүҥэ бүтүн илиҥҥилии ураты толкуй (мышление) бэлиэтин арыйар диэххэ сөп.
Үрүҥ хоһоон (верлибр), рифмаламмыт хоһоонтон уратыта диэн, чинчийээччилэр этиилэринэн, дьиҥ сахалыы хоһоон олуга буолар. Ол уус-уран кээмэй уратыта Борис Иванович лирикатын бөлөһүөктүү майгытын – толкуйга, анаарыыга олоҕуруутун бигэргэтэр. Холобура, Чуумпу дьол, Билэҕин дуо хантан саҕаланарый тыал, Хабырылла, Харыс бэлиэ, Чаркааскай табах о.д.а хоһооннорго риитим харахха быраҕыллар чопчу рифматтан үөскээбэт, поэт манна тыл бэйэтэ үөскэтэр ис тэтимин, кээмэйин туһанар, онон сахалыы дорҕоон дьүөрэтин тутуспут, нарыламмыт хоһоон айыллан тахсар.
Билэҕин дуо, хантан
Саҕаланарый тыал,
Онно үөскээбит дииллэр
Саамай бастакы тыл.
Хоһоон ис тутула тас форматыгар дьайыыта манна бэрт сонуннук көстөр. Холобура, бу хоһоон иккилии, үстүү строкалаах кылгас, тэттик строфалартан турар, онон хоһоон тутула көтүү, салгыҥҥа дабайыы иэйиитиин тиэрдэргэ дылы.
Кинигэ биир сүрүн уус-уран истиилин уратытын чопчулуур буоллахха маннык. Литератураҕа поэт прозата диэн өйдөбүл баарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук Дьолуо кинигэҕэ киирбит айымньылар барылара – поэзия уонна метрдээх проза алтыһыытынан үөскээбит, уус-уран бөлөһүөктүү тыыннаммыт биир концепциялаахтар.
Прозиметр (эбэтэр Прозиметрум) диэн кээмэйдээх, метрдээх проза диэн проза айымньыта поэтическай моһуоннаныытын этэллэр.
Поэт прозатын биир ураты көстүүтэ, прозиметр үөскээһинэ хас да бэлиэлээх. Бу ураты жанровай форма айымньы тутулугар, уобарас, матыып тиһигэр, синтаксическай, метрическэй айылгытыгар дьайар, онон айымньы риитимнэниитигэр төрүөт буолар. Ол оҥоро сатааһынтан үөскээбэт, суруйааччы бэйэтин уус-уран толкуйа уратытыттан, тыл күүркэтиитин, күүһүн, уобарастааһынын тиэрдэр ураты соруктааҕыттан, ааптар уус-уран истиилиттэн тутулуктанар. Аан бастаан Поэт прозата диэн термини З. Гиппиус Валерий Брюсов кэпсээннэрин туһунан бэлиэтээһин оҥороругар туттубутун билэбит. Билиҥҥи наукаҕа бу өйдөбүл жанр сайдыытын, уларыйыытын бэлиэтиир суолталаах, онон литературоведениеҕа интэриэһинэй көстүү буолар.
Ол курдук «Дьолуо» кинигэҕэ киирбит кэпсээннэр прозаическай киэбинэн суруллубут эрээри поэтическай пуормаҕа хабаатталларын туох туоһулууруй. Рифманы үөскэтэр этиилэр, тылы хатылааһын, хоһоонунан киллэһиктэр, күүстээх метафораны, символы туттуу – бу прозиметр, поэт прозатын сүрүн бэлиэлэрэ дьэҥкэ көстө сылдьаллар.
Холобура, прозиметрынан суруллубут айымньы Поэт кэпсээн. Айымньы геройа Арыйаан диэн олоҕугар табыллыбатах эдэр уол дьылҕатын холобуругар поэт аналын туһунан толкуйдуур (48 с.). «Ресторан. Муора кунду балыга. Хаалтыстаах, дьоьуннук тутта сылдьар мааны дьон. Литература туьунан урдук кэпсэтиилэр, хайҕаллаах тостар”. Бу кылгас этиилэр айымньы эмоциональноһын, күүрээнин тута сылдьаллар. Салгыы сүрүн дьоруой ресторантан ыраах куорат тугэҕэр, кэтэх кыра типографияны, кырааската суох, сыгынньах, тымныы эркиннэрдээх дьиэни, соҕотох дьүдьэх көрүҥнээх, уларыппатаҕа ырааппыт бинсээктээх эр киһини, поэты ойуулуур. Бу икки майгыннаспат эйгэни, бинарнай балаһыанньаны туттан (үөрүү – хомолто, ресторан – эргэ типография, куорат киинэ – куорат кытыыта, муора күндү балыга – саһарбыт куруускаҕа кутуллубут чэй), ааптар күүстээх метафора оҥорон көрдөрөр. Ити курдук проза киэптээх айымньыга поэтическай күүстээх уобарастааһын, дириҥ символизм, киһи дууһатын таарыйар иэйии таайтарылла сылдьар.
Поэт прозатыгар айымньы тутула (композицията) эмиэ ураты көрүҥнээх. Ону событие-быһылаан бэрт түргэнник солбулла охсорунан, быстах-остох фрагментарнай киллэһик, монтаж ньымата туттулларынан, хайааһын кэмэ соһуччу уларыйарынан быһаарыахха сөп. Холобура, Өрүс бэлэҕэ диэн айымньы бэрт усулуобунай киирии чаастаах. Кыыс оҕо өрүстэн булуллубутун туһунан үһүйээн-номох ахтыллан ааһар. Кыыс дьылҕата оҕо эрдэҕиттэн сааһырыар диэри кылгас фрагменнарынан бэриллэр. Поэт прозатын уратытын көрдөрөр символ-уобарастар айымньыга хото туттуллаллар. Холобура, сүрүн дьоруой кыыс аата Өрүс Бэлэҕэ айымньы идиэйэтин тута сылдьар уобарас буолар.
Поэт прозатын уратыта буолар хатыланар киллэһиктэр, лексическэй хатылааһыннар эмиэ бу айымньыга бэрт чуолкайдык көстөн ааһаллар. Ол курдук «Үрдүк көнө уолугар күөгэччи олорбут төбөтө, кимиэхэ да бас бэриммэттии хап-харанан чоҕулуччу көрбүт харахтара, тутта-хапта , хаама-сиимэ сылдьара “Эһиги миигин тыытымаҥ, мин көҥүл киһибин. Бэйэм билэрбинэн сылдьыам, хайдах саныырбынан олоруом диир курдуктара” (35 с.) диэн икки төгүллээн хатыланар кэрчик айымньыга ураты риитим өйдөбүлүн биэрэр.
Кэпсээннэргэ ааптар биир-икки тылтан турар, кылгас эрээри дириҥ ис хоһоонноох этиилэри оҥортуур. Холобура, Буруо кэпсээҥҥэ “Биир буруо. Икки буруо. Уонча буруо”. Ити үс этии айымньыны иилиир идиэйэни тутар суолталаахтар.
Поэт, Чүмэчи уота кылайарын тухары диэн кэпсээннэргэ лирическэй киллэһиктэр бааллар (60 с.) Этиилэр бэйэ-бэйэлэригэр ханыылаһар, тэтими үөскэтэр, майгыннаһар синтаксическай тутуллаахтар. Холобура, “Кырдьык, оччолорго олох саамай өҕүллүүлээх кэмэ этэ. Сэбиэскэй олох сытыйан бүтэн, бастыҥ дьон өйө-санаата туох эрэ саҥаны, уларыйыыны кэтэһэрэ. Дууһа тууйуллубут курдук кэмэ этэ” (60 с.).
Ити курдук кинигэҕэ киирбит кэпсээн тиһигин жанровай арааһын поэт прозата диэн бэлиэтиир сөп.
Поэт бэйэтэ билинэринэн, бу орто дойдуга үс көмүс өйдөбүл баар эбит – ийэ буор, ахтылҕан уонна өбүгэ кэриэһэ, норуотун хаан тардар быстыбат ситимэ. Ситимнээх буолуу матыыба Борис Павлов кинигэтин биир сүрүн өйдөбүлэ. Ол курдук куйаары, эйгэни сибээстиир аналлааҕын быһыытынан айан уобараһа ситим матыыбын үөскэтэн, поэт ыйытыытыгар сөптөөх хоруйга салайар – киһи былыргыны, аныгыны, кэлэр кэми ситимниир, утумнуур аналын, өбүгэ иннигэр иэһин санатар. Төрүт-уус туһунан айымньылар бөлөхтөрүгэр Тыал буолбуттар, Урааҥхайдар, Алаһа дьиэтиттэн арааран, Байҕал алгыһа хоһооннор, Буруо, Илимим тэһиннэ дуо кэпсээннэр киирэллэр. Маныаха ситимнээх буолуу идиэйэтин салҕаан көлүөнэ дьон туһунан санаалар Бүлүү эбэ туһунан блюз, Көлүөнэм дьонугар хоһооннорго ахтыллан ааһаллар.
Халлаан, сир ийэ, байҕал, айан суола, куйаар, сулус – барыта олох диэн киэҥ өйдөбүлү түмэр, дириҥ архетипическай уобарастар. Маныаха айан идиэйэтин күүһүрдэр, эйгэлэри ситимниир медиатор – ат уобараһа саха киһитигэр былыр былыргыттан айылҕатыгар, култууратыгар, итэҕэлигэр чугаһынан айымньыларга биир сөптөөх бэлиэ миэстэни ылар.
Үгүс хоһоон уобараһын систиэмэтэ сир-халлаан, киһи айыллыытын кистэлэҥин арыйар дириҥ архетиптартан, эр киһи (анима)-дьахтар (анимус), сир-халлаан, сырдык-хараҥа, олох-өлүү курдук бинарнай позициялартан тураллар. Холобура, Хабырылла хоһоон. Оҕонньор сырдыгы хараҥаттан харабыллыыр ытык иэстээх, кини эмээхсинэ Ааныстыыр алаадьы астаан, саламааттаан, айыыларга айах тутар, онон бу икки кырдьаҕас көннөрү дьон буолбакка, демиург суолталаах уһулуччу уобарас буолалларын ааҕааччы сэрэйэр. Оннук эмиэ титаническай уобараһынан Чаркааскай табах хоһоон лирическэй субъега буолар.
Алаас, балаҕан, төрөөбүт түөлбэ, төрүт сир – поэт айымньытын хронотобугар сүрүннүүр суолталаахтар. Поэт сахалыы толкуйдаан суруйуута уобараһы таҥарыгар эмиэ көстөр. Холобура, хас да түгэҥҥэ абааһы туһунан ахтан аһарыы поэт сахалыы миэрэнэн олох-дьылҕа туһунан сыанабылын бэлиэтиир. Киниэхэ сир-дойду хартыыната айыы-абааһы үйэлээх утарсыытын нөҥүө көстөр. Ол курдук, поэт бэйэтэ да «тахсыбыт курдукпун олоҥхо иһиттэн, үөһээ, аллараа дойду абааһыларыныын хабыр хапсыһыыттан” диэн “Көлүөнэм дьонугар” хоһооҥҥо билинэр. “Уу көтүүтэ” хоһоонугар “Салгын иһэ бүтүннүү куугунаан олорор, Этиһэр, охсуһар, мөккүһэр, айдаарсар бэйэтэ туспа «абааһылардаах», «Дьолуо» хоҺооҥҥо «Салгын иһэ куугун-хааҕын, абааһы саҥата, күн ыаһаҕа» диэн олох иккис, хараҥа өрүтүн – сымыйаны, мөкүнү, албыны утарсан, уобарастаан этэр буолуон сөп.
Поэт айымньылара саха тыллаах ааҕааччыга ордук чугастар, национальнай менталитет уратытын, аныгы литературабыт сахалыы мөссүөнүн, саха поэта национальнай МИН категорияны илдьэ сылдьааччы буолар ураты буочарын бигэргэтэллэр.
Борис Павлов Саха сирин бары көстүүтүн кэриэтэ хабан хоһуйбут. Ол курдук кини лирическэй дьоруойун хараҕын далыгар хотугу айылҕа бары көстүүтэ – халлаан куйаарыттан сир иэнигэр тиийэ, муора далайыттан хаарга, буурҕаҕа тиийэ хоһуйуллар. Кини поэзиятын дьоруойа – эр бэрдэ, эр киһи, норуот суолун салҕааччы, аал уоту сөргүтээччи. Поэт болҕомтотугар космос куйаара даҕаны, хаар кыырпаҕа, саһарбыт сэбирдэх даҕаны, бэрт сонуннук ойууланаллар. Саамай сүрүнэ – ааптар бэйэтэ эрэ туттар ураты тыл-өс, пуорма, уобарас ситимин саха поэзиятын эйгэтигэр киллэрбит, ураты истиилин булбут.
Онон Борис Иванович Павлов саҥалыы уобараһы туттубут, жанры көрүүнү дириҥэппит, олоҕу уратытык, сонуннук уустаан-ураннаан сырдатар саҥалыы эстетиканы бигэргэппит лириката өссө да ааҕааччыларын, сэҥээрээччилэрин, ырытааччыларын күүтэр диэн түмүктүөхпүн баҕарабын.
This post was published on 06.11.2020 11:03 11:03