Борис Федорович Неустроев–Мандар Уус тойоннооһунун уратыта

Борис Федорович Неустроев–Мандар Уус саха духуобунай култууратын өйүгэр-сүрэҕэр дириҥник сөҥөрдөн илдьэ сылдьар, айылҕаттан айдарыылаах уус идэлээх киһи, ону тэҥэ устар ууну сомоҕолуур тыллаах  бөлүһүөк-суруйааччы. Сэтинньи 5 күнүгэр сахалар киэн туттар киһибит олоҕор уонна айар үлэтигэр аналлаах кэмпириэнсийэ буолаары турар. «Билим» альманах бүгүҥҥү таһаарыытыгар Мандар Уус тойоннооһунун уратытын туһунан “Ойуу тыла. Айыы тыла” кинигэтинэн [1] Киргиэлэй уола Хабырыыл Торотуойап ырытыыта суруллар. 


Киргиэлэй уола Хабырыыл Торотуойап, тыл үөрэҕин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ

Ырыаһыт-бэйиэт Битээлий Былааһап Мандар Ууһу аҕыйах тылынан олус бэргэнник ойуулаабыт: «Кини былыргы өбүгэлэрбит уонна айылҕа тэтимин илдьэ сылдьар буолан, киэҥ көҕүстээх, сымнаҕас майгылаах, истиҥник эрэ кэпсэтэр оҥоһуулаах. Ийэ өйдөөх, эргиччи талааннаах, киһи көрбөтүн көрөрдөөх, итэҕэһи көннөрөөччү, иэдэйбити эмтээччи, олох сүнньүн булларааччы. Саха дьоно-сэргэтэ уһуннук, эйэлээхтик олорорун, кэм-кэрдии, олох уларыйыыларыгар таба суолу тобулан, тыыннаах хааларын, тылын, үгэһин, сиэрин-туомун үйэлэргэ илдьэ сылдьарын туһугар өйүн-санаатын сынньан, олоҕун анаата[2].

Мандар Уус  2004 с. тахсыбыт “Ойуу тыла. Айыы тыла” кинигэтигэр төрөөбүт норуотун улугурбут өйүн-санаатын  уһугуннарар, сыппаабыт тылын-өһүн кылаанныыр, умнулла быһыытыйбыт итэҕэлин, үгэһин, сиэрин-туомун хайдах сөргүтэр туһунан өр кэм иитиэхтээбит, ыанньыйбыт санааларын,  кэскиллээх идиэйэлэрин этэр. Б.Ф. Неустроев–Мандар Уус “Ойуу тыла. Айыы тыла” кинигэтин киириитигэр үлэ сүрүн ис хоһоонун туһунан маннык сурулла сылдьар: “Мандар Уус кинигэтигэр Сир Ийэ үрдүгэр олох олорор аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларын-өстөрүн, итэҕэллэрин, үгэстэрин, культураларын сүтэриилэрэ – бу киһи аймах бүттүүнүн сүтүгэ буолар диэн өйдөбүлгэ тирэҕирэн, бэйэтин көрүүлэрин билиһиннэрэр. Үүнэр көлүөнэни иитиигэ, омук тыыннаах хаалыытыгар, инники сайдыытыгар саха улуу олоҥхото сүдү суолталааҕын чиҥэтэр уонна саха омук быһыытынан сүрүн уратытынан кини икки тыллааҕа: Айыы тыллааҕа, Ойуу тыллааҕа буолар диэн тоһоҕолоон бэлиэтиир[3].

Мандар Уус ойуу-бичик кистэлэҥ тылын ааҕар дьоҕурдаах: «Ойуу-мандар… син биир тылынан уус-уран айымньы курдук, муҥура биллибэт дириҥ ис хоһоонноох, элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх, таайыллыбат таабырыннардаах, бэйэтэ туһунан тыллаах-өстөөх…»[4].  Ону тэҥэ Мандар Уус олоҥхоһут удьуордаах буолан, уус тыл уранын, айар тыл абылаҥын эмиэ толору баһылаабыт киһи. Мандар Уус “Ойуу тыла. Айыы тыла” диэн тойоннооһун тииптээх үлэтигэр бу икки айар утах уратытык хатыллан, саха ааҕааччытын дьүүлүгэр тахсар. Ол курдук Мандар Уус кинигэтин хас биирдии олугун ахсын Айыы тылынан сэһэргээбитин, тойоннообутун барытын ойуулаан-мандардаан, ол эбэтэр Ойуу тылынан хос быһааран биэрэр. Маннык уустук тутуллаах, ону ааһан маннык дириҥ хорутуулаах  тойоннооһун-кинигэ бэрт сэдэх.

Мандар Уус тойоннооһуна биллэр-көстөр уратылаах, онтон сороҕун эрэ ойо тутан ылан, ырытан холонон көрүөҕүҥ.

Суруйааччы араас тылы (дорҕооннорун састаабын, итиэннэ тус суолталарын чугаһата көрөн) бэйэ-бэйэтин кытта ыкса ситимнээн, бөлүһүөктүү сонун көрүүнү айан-тутан таһаарар. Ол курдук Мандар Уус майгыннаһар дорҕоонноох, биир уустаах тыллары наардаан, көһөҥө өйдөбүлү, сомоҕо санааны этэр бүтүн кэнсиэпсийэни үөскэтэр-үөдүтэр кыахтаах. Холобур: Эргиир… Эргийии… Эрийии…  Эриллии…  Эргимтэ…  Эрэдэһин…[5] Бу кэрискэҕэ Эргиир диэн өйдөбүл бастыыр, ол аата кэнсиэпсийэ субу тылтан сэдиптэнэр, субу тылтан күүс-уох ылар.  Сыыйа-баайа тойоннооһун Кэм диэн өйдөбүлгэ иэҕиллэр, “бүтэр уһуга суох Улуу Эргииргэ” тахсан кэлэр. Ону ааптар маннык быһаарар: “Саха саныырынан аллараа дойдуга, орто дойдуга, үөһээ дойдуга баар барыта:

…Кэмнээх-Кэрдиилээх…

          …Кээмэйдээх…

                    …Кэрчиктээх…

                              …Кэриҥнээх…

                                       …Киэлилээх…

                                               …Киэҥнээх…

                                                        …Кэтиттээх…

                                                                …Кирбиилээх…

                                                                         …Кэрээннээх…

Үрдүк Айыылар Айбыттарынан туох барыта, ким барыта күрүөлээх-хаһаалаах, даллаах, хааччахтаах, кэрээнэ суох, сиэрэ суох, бас-баттах, бэйдиэ барыа, үрдэ суох үөскүө суохтаах…”[6]. Бу маннык хабааннаах тойоннооһун өр кэмнээх өй үлэтиттэн, тобуллаҕас толкуйтан тахсар. Мандар Уус ханан эмэ чугасаһар суолталаах (ардыгар балачча уратылаһар суолталаах) тыллары утум-ситим сиэттиһиннэрэн, биир иигэ хаайан, ойуу-мандар курдук быһыылаан (субу түбэлтэҕэ тыллар таҥыллыбыт оҥкуллара кирилиэһи санатар), этэр санаатын ааҕааччыга бэрт итэҕэтиилээхтик тиэрдэр.

Бу холобурга дьон бэйэ-бэйэтигэр сыһыанын омсолоох өрүтүн бэлиэтиир, [ө] дорҕоонтон саҕаланар тыллар суолталарынан наардаммыттарын көрөбүт:

…өйдөспөт буолуу…

            …өһүргэнсии…

                      …өсөһүү…

                            …өстөһүү…

                                    …өһөхтөһүү…

                                              …өргөстөһүү…

                                                         …өлөрсүү…

                                                                     …өһөрсүү…[7]

Аллара диэки түстэх ахсын тыллар суолталара тыҥаан иһэр: иннинээҕи тыл кэнниттэн кэлэр тылга төрүөт курдук буолар. Мандар Уус өйдөспөт буолуу өһүргэнсиигэ, өһүргэнсии өсөһүүгэ, өсөһүү өстөһүүгэ, өстөһүү өһөхтөһүүгэ, өһөхтөһүү өргөстөһүүгэ, өргөстөһүү өлөрсүүгэ, өлөрсүү өһөрсүүгэ тиэрдиэн сөбүн сэрэтэн этэр. Ол аата “кирилиэс” үктэлэ төһөнөн аллара түһэр да, соччонон тыл суолтатын ис хоһооно “хараҥаран” иһэр.

Сурук бэлиэлэрэ: элбэх туочука, ускуопка, хабыычыка, ыйытыы уонна күүһүрдүү бэлиэлэрэ үгэс буолбут аналларын таһынан суруйааччы тойоннооһунугар эбии суолтаны сүгэн, ааҕааччы болҕомтотун тардаллар.

Мандар Уус атын суруйааччылартан биир сүрүн уратыта диэн элбэх туочуканы олус хойуутук туттара буолар. Саарбахтааһын — бөлүһүөк киһи биир сүрүн хаачыстыбата. Оттон элбэх туочука — саарбахтааһыны көрдөрөргө дьүөрэ бэлиэ. “…Айыы сирэйдээх «абааһылар»…” диэн олукка барыта 14 кэрчик баарыттан 13-һэ элбэх туочуканан түмүктэнэр. Ити баһыйар өрүт диэн аатырар. Онон бу сурук бэлиэтин Мандар Уус тус истиилин үөскэтэр ураты көстүү курдук көрүөххэ сөп.

Суруйааччы кинигэтин олуктарын аатын иннигэр уонна кэннигэр элбэх туочуканы толкуйдатар бэлиэ быһыытынан 29 сиргэ туруорбут.  Холобур:

…Ай..

…Дьай…

…Айыы сирэйдээх «абааһылар»…

…Кэм Тыла…

…Харыыта суох сүүрүк…

…Уһуйуу…

…Өспүт оһох кыыма…

…Омук диэн Тыл…

…Аарыктаах айан аартыга…

 …Айыы кэмэ…[8]

Ити ньыманан ааптар таарыйан ааһар өйдөбүлэ төһө эмэ уустугун эрдэттэн сэрэтэр: бу туһунан урукку өттүгэр үгүс киһи эппитин-тыыммытын, өссө да элбэҕи куолулуохха-тойоннуохха сөбүн ыйар. Мандар Уус тус көрүүтүн элбэх барыйаантан биирдэстэрэ эрэ курдук сыаналыыр, ааҕааччылар салгыы ситэрэн-хоторон толкуйдуулларыгар ыҥырар.

Элбэх туочука этии бүтүүтүгэр турбута, үгэс курдук, санаа ситэри этиллибэтэҕин туоһулуур. Холобур: Салгын салгын курдук, киһи тутуһан хаалара туох да суох. Ол эрээри…[9]Мандар Уус элбэх туочуканы этиитин бүтүүтүгэр туохтуур сэрэйэр киэбин (амалыйдаҕа, эттэҕэ, олохтоотоҕо, булуннаҕа, таластаҕа), туохтуур болдьох киэбин (өһүргэппэтэҕинэ, үргүтэн туруорбатар, тыынын-быарын ыкпатахтарына, хатан-кууран барбаталлар), туохтуур кэлэр кэмин (оргуйан тахсыа, тэһийбэт идэлэниэ, сайда туруо) кэнниттэн ордук чаастатык туруорар. Ити эмиэ бэлиэ көстүү.

Мандар Уус ардыгар ааҕааччыны кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр курдук суруйар. Онто ордук ыйытыы этиилэригэр биллэн ааһар. Холобур:  Онтон арай биир удьуор-хаан дьон иһигэр (ийэ ууһа, аҕа ууһа, биис ууһа) Удьуор Төрдүн улуу күүһэ кэһиллэн, аһааҕыран бардын? Бу дьон олоҕор-дьаһаҕар туох-ханнык уларыйыы-тэлэрийии тахсыаҕай[10] диэн ааҕааччытын толкуйдата түһэр, онтон ити ыйытыыларыгар бэйэтэ хоруйдуур.

Ыйытыы уонна күүһүрдүү бэлиэтэ биир тэҥҥэ туттуллан, ааптар күүстээх бигэргэтиитин кэрэһилииллэр. Мандар Уус айымньытыгар сурук бэлиэтэ сити курдук хоһуласпытын 14 этиигэ булан көрөбүт. Холобур: Ол аата киһи “Мин” диэн бу орто дойдуга олох олоро кэлбитин туоһулуур сүдү өйдөбүлэ Ийэ Тылыттан эрэ тутулуктаах буолан тахсар буолбат дуо?! [11]

Мандар Уус күүһүрдүү бэлиэтин ардыгар ааҕааччы болҕомтотун тардар хомоҕой ньыма быһыытынан туттар. Холобур: Өскө табах тардар буоллаххына, кини састаабыгар түөрт тыһыынча (!) биэсэстибэ баар дииллэр, олортон улахан аҥаара буортулаах, сороҕо улахан буортулаах дииллэр үөрэхтээхтэр[12]. Бу холобурга суруйааччы табах буортулааҕын уһулуччу чорботон, ону тоһоҕолоон, “Маны болҕой!” диэн, ускуопка иһигэр күүһүрдүү  бэлиэтин туруорбут. Ускуопка иһигэр турбут күүһүрдүү бэлиэтэ (!) айымньы былаһын устата 6 төгүл туттуллубут.  Оттон ускуопка иһинээҕи ыйытыы бэлиэтэ ааптар саарбахтааһынын көрдөрөр: Оттон билигин бу сайдыылаах (?) үйэбитигэр Удьуору, Удьуор Төрдүн, Удьуор Тардыытын, Удьуор Тыынын, Удьуор Күүһүн ааҕар, билэр, харыстыыр, эмтиир, ыраастыыр, чөллөөхтүк тутар туһунан куойабытыгар-маҥкыбытыгар да оҕустаран көрөөхтөөбөппүт эбээт, син генофонда эҥин дэһэбит даҕаны.[13]

Ускуопканы, үгэс курдук, өйдөбүлү чопчулуур суолтаҕа тутталлар. Оттон Мандар Уус ускуопканы быдан көҥүллүк, киэҥник туһанар. Бу түбэлтэҕэ ускуопка иһигэр ааптар икки түгэни тэҥнии тутан көрөрө этиллэр: Элбэх аата элбэх – эрэйэ кыһалҕата үгүс (оннооҕор соҕотох киһи икки аҥы хайдар…) буолуо да, Үрүҥ Айыы Тойон тоҕо эрэ эрэйдээх, ыарахан суолун талбыт[14].Оттон арыт баат биэрдэҕинэ (хаһыын эмэ!), туох эрэ тэһэ ыстаммытын курдук барыта эмискэ баҕайы “кутулла” түһүөҕэ – Таҥара бэлэҕэ – Айыы кэмэ кэлиэҕэ.[15] Кэнники этиигэ ускуопка иһигэр ааптар баат биирдэ эмэ “ыалдьыттаан” ааһарын ордук чорботон этэр.

Дьэ, ити курдук, сурук бэлиэлэрэ суруйааччы дириҥ толкуйун, иэйэр иэйиитин, этэр санаатыгар тус сыһыанын уонна сыанабылын тиэрдэргэ улахан көмө-тирэх буолаллар.

Мандар Уус бэлиэ тылы ыйааһыннаан-суолталаан, улахан буукубаттан суруйар идэлээх. Оннук тыллар ааҕааччы хараҕын тардаллар, интэриэһин көбүтэллэр, билиэх-көрүөх санаатын уһугуннараллар. Улахантан суруллубут тыллар ааптар сүрүн санаатын сүгэ сылдьаллар, айымньы күлүүс тыла буолаллар. Онон Мандар Уус улахантан суруйбут тыллара саха омук ытык өйдөбүллэрин бэлиэтииллэр (Орто Туруу Дьаҕыл Дойду, Үрүҥ Айыы Тойон, Ийэ Өй, Ийэ Тыл, Салгын Кут, Буор Кут, Олох, Күн-Күбэй Ийэ, Аал Луук Мас, Ытык Анал, Улуу Эргиир, Кэм-Кэрдии, Ытык Өбүгэбит, Ойуу Тыла, Айыы Итэҕэлэ, Айыы үөрэҕэ, Аан Алахчын Хотун Эдьиий, Кэм Тыла, Олоҥхо, Урааҥхай, Киҥкиниир Киэҥ Халлаан, Куҥкунуур Улуу Куйаар, Сир Ийэ, Айылҕа, Үрүҥ Күн, Өркөн Өй о.д.а.). Бу тыллар ытыктабыл, сүгүрүйүү, өрө тутуу тыынын иҥэринэ сылдьаллар.

Мандар Уус — саха омукка дэҥ төрөөн ааһар эргиччи талааннаах киһи: сөҕүрүйбэт күөртээх уус, сээркээн сэһэнньит, хомуһуннаах хомусчут, айылгылаах алгысчыт, саха оһуорун чинчийэн, ойуу-дьарҕаа тылын үйэтитэр, саха үгэһин тилиннэрэр, саха уустарын  уһуйар Ытык Бахсы. Оттон “Ойуу тыла. Айыы тыла” диэн үлэтин чинчийэн көрөн баран, билиҥҥи олохпут кыһалҕаларын дириҥник түөрэн көрөр, ол силиһин-мутугун быһаарар, ырааҕынан эҥсэн толкуйдуур, киэҥник-куоҥнук анаарар бөлүһүөк-суруйааччы,  ураты суоллаах-иистээх уран тыл ууһа диэн биир сүрүн түмүккэ кэлэбин.

Туһаныллыбыт литература:

[1] Сравнительно-сопоставительное изучение тюркских языков: материалы международной научно-практической междисциплинарной конференции, посвященной памяти тюрколога, к. филол. н., доцента Ю.И. Васильева-Дьаргыстай (29, 30 ноября 2012 г.) – Уральск, 2013. – С. 222-229.

[2] Мандар Уус. — Дьокуускай: Бичик, 2007. — С. 3.

[3] Неустроев Б.Ф. Ойуу тыла. Айыы тыла / Мандар Уус. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – С. 2.

[4] Мандар Уус. — Дьокуускай: Бичик, 2007. – С. 4.

[5] Неустроев Б.Ф. Ойуу тыла. Айыы тыла / Мандар Уус. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – С. 17.

[6] Эмиэ онно. – С. 20.

[7] Неустроев Б.Ф. Ойуу тыла. Айыы тыла / Мандар Уус. – Дьокуускай: Бичик, 2004. — С. 50.

[8] Неустроев Б.Ф. Ойуу тыла. Айыы тыла / Мандар Уус. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – С. 207.

[9] Эмиэ онно. — С. 120

[10] Эмиэ онно. — С. 44

[11] Неустроев Б.Ф. Ойуу тыла. Айыы тыла / Мандар Уус. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – С. 120.

[12] Эмиэ онно. – С. 102.

[13] Эмиэ онно. – С. 46.

[14] Эмиэ онно. – С. 56.

[15] Эмиэ онно. – С. 154.

This post was published on 30.10.2020 11:01 11:01