Саха сиригэр байыаннай анал дьаһал кэмигэр олохторун толук уурбут «Боотур» этэрээт байыастарын чугас дьоннорун кытта көрсүһүү буолла. Ол туһунан сэтинньи 9 күнүгэр брифиҥҥэ бырабыыталыстыба вице-премьерэ Ольга Балабкина эттэ.
Кини эппитинэн, өлбүт уонна сураҕа суох сүппүт байыастар өлүктэрин көрдөөһүн үлэтэ ыытыллар, эчэйиигэ уонна социальнай өйөбүлгэ миэрэлэри толорууга төлөбүрдэри оҥоруу барар.
Бэлиэтэммитинэн, байыастар чугас дьоннорун этиилэрин суһаллык толоруллуохтаах. Хас оройуон аайы Telegram-бөлөхтөр тэрилиннилэр, онно ыйытыыларга суһал эппиэти биэриигэ эппиэтинэстээх сирэйдэринэн баһылык солбуйааччылара уонна социальнай сулууспалар сотрудниктара ааттаннылар.
Ольга Балабкина санаппытынан, региоҥҥа СВО кыттыылаахтарын реабилитациялааһыҥҥа үлэ саҕаланна, 20-чэ киһи бастакы көмөнү ылла. «Реабилитация социальнай уонна медицинскай тэрилтэлэргэ өрөспүүбүлүкэ иһигэр уонна тас да өттүгэр ыытыллар», – диэтэ кини.