Дьокуускай аэропордугар «Боотур» өрөспүүбүлүкэтээҕи доброволецтар этэрээттэрин байыастарын көрүстүлэр. СИА-ҕа «Батя» аатынан ыҥырыллар этэрээт хамандаара эппитинэн, байыастар ЛНР-га сулууспалаабыттар, «БАРС-2» састаабыгар.
«Биһиги подразделениебытыгар 40-ча киһи сулууспалыыр. Саҥа смена кэлбитигэр, бүгүн 24 киһи дьиэтигэр төнүннэ. «Боотур» байыастара оһуобай болҕомтону ылаллар, атын регион байыаннайдара бэлиэтээбиттэринэн, сахалар – эрэллээхтэр, бойобуой сорудаҕы туйгуннук толороллор», – диэтэ «Батя».
Этэрээт хамандыыра эппитинэн, бойобуой көрдөрүүлэригэр байыастар сөптөөх бэлэми ааспыттарын уонна Саха сирин бырабыыталыстыбатын, олохтооторун өйөбүллэрэ кыаҕы-күүһү биэрдэ. «Үчүгэй бэлэмнээхпит, тоҕо диэтэххэ инструктордарбыт бойобуой уопуттаахтар. Маны сэргэ барыбыыталыстыбабыт болҕомтото күүстээх. Атын ханнык да подразделениеҕа маннык болҕомто суох, биһиэхэ курдук. Биһигини илдьибиттэрэ, олохтообуттара, курируйдаабыттара, сибээскэ куруук бааллар. Бүгүн биһигини көрүстүлэр. Бу олус үчүгэй», – диэтэ кини.
Сиһилии: https://ysia.ru/v-yakutsk-iz-zony-provedeniya-svo-vernulis-24-dobrovoltsa-otryada-bootur/
This post was published on 14.02.2023 12:01 12:01