«Боотур» этэрээт 17 байыаһа байыаннай анал дьаһалтан Саха сиригэр кэллэ

Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар «Боотур» этэрээт өссө 17 байыаһын көрүстүлэр .

«Бары дьиҥнээх геройдар, сүрэхтэрин баҕатынан дойдуларын, кэскили көмүскүүргэ кытыннылар. Саха сирин эр дьоно охсуһуу толоонугар хорсун быһыыны уонна бэйэ кыаҕын толору туһанан, туруоруллубут бойобуой соруктары толордулар. Биһиги эһигинэн киэн туттабыт!», — Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда. Байыастарга саха уустара кутан оҥорбут саха быһаҕын бэлэх биэрдилэр.

This post was published on 23.12.2022 09:01 09:01