Бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Дьокуускай аэропордугар «Боотур» этэрээт өссө 17 байыаһын көрүстүлэр .
«Бары дьиҥнээх геройдар, сүрэхтэрин баҕатынан дойдуларын, кэскили көмүскүүргэ кытыннылар. Саха сирин эр дьоно охсуһуу толоонугар хорсун быһыыны уонна бэйэ кыаҕын толору туһанан, туруоруллубут бойобуой соруктары толордулар. Биһиги эһигинэн киэн туттабыт!», — Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда. Байыастарга саха уустара кутан оҥорбут саха быһаҕын бэлэх биэрдилэр.