Чурапчы улууһугар бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин Сэбиэтин түмсүүтэ муус устар 18 күнүгэр Болугур нэһилиэгэр Өйдөбүнньүк күнүн ыытта. Чечня өрөспүүбүлүкэтигэр сулууспалыы сылдьан Аргунскай ущелье Дуба-Юрт сэлиэнньэтигэр бойобуой сорудахха суорума суолламмыт Тимофей Семенович Максимов төрөөбүт, улааппыт дьиэтигэр анал бэлиэ туруорда.
Болугурга буолбут тэрээһин Улуу Кыайыы 75 сылыгар уонна Арассыыйаҕа бойобуой Албан Аат күнүгэр ананна.
Сэбиэт чилиэттэрэ бойобуой дьайыы кэмигэр бэрт эдэр саастарыгар олохтон олус хомолтолоохтук туораабыт доҕотторун үйэтитэр сыалтан, бэйэлэрэ үп-харчы кыттыһан, мыраамар таастан, кэриэс тыллардаах дуоскалары оҥотторору саҕалаатылар. Биир бастакынан Болугур нэһилиэгин хорсун буойунугар, Тимофей Максимов аатынан уулусса 13 нүөмэрдээх дьиэтигэр анал бэлиэни илдьэн ыйаатылар.
“Бу маннык үйэтитии үлэтэ улууска ыытыллара саамай сөптөөх уонна кэнэҕэски үүнэн иһэр ыччаты патриотическай иитиигэ биир сүрүн хайысха буолар,” – диэн Ил Түмэн дьокутаата Семен Иванович тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. “Уолаттары кытары сүбэлэһэн баран маннык хамсааһыны таһааран эрэбит. Салгыы Чурапчыбыт нэһилиэгэр, 1-кы Чеченскэй хампаанньаҕа сырдык тыына быстыбыт биир дойдулаахпыт Роман Ноговицын кэриэһигэр эмиэ анал бэлиэ туруоруохпут,” – диэн Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Илья Сергеевич Березкин эттэ.
Сиһилии https://ulus.media/2020/04/18/bolugurga-chechnya-seriitin-kyttyylaa-ar-anal-belie-turuorulunna/
This post was published on 20.04.2020 12:01 12:01