Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 14 күнүттэн Арассыыйаҕа больничнайы оҥоруу саҥа быраабылалара олоххо киирдилэр. Мантах антах больничнайы электронно оҥорторуохха, тэйиччиттэн ылыахха сөп. Маны таһынан, оҕону көрүүгэ больничнай болдьоҕунан хааччахтаммат буолла.
Электроннай больничнайы паспорынан уонна СНИЛС дааннайдарынан биэриэхтэрэ.
Ыалдьыбыт оҕону көрүүгэ больничнай лиис болдьоҕунан хааччаҕа суох буолла. Ол эрэн төлөнөр кэмэ 15 хонугунан хааччахтанар.
Өскөтүн ыалга үс оҕо тэҥинэн ыалдьыбыт буоллаҕына төрөппүккэ биир электроннай больничнай лииһи арыйыахтара. Кумааҕы лиискэ – икки оҕоҕо биири, үһүс оҕоҕо – иккиһи.
Маны сэргэ өскөтүн биир төрөппүт оҕотун 3 сааһыгар диэри көрөн олорор буоллаҕына, атын төрөппүт иккис оҕото ыарыйдаҕына больничнай ылар кыахтанна.
Дьахтар хат буолуутугар уонна төрүүрүгэр больничнай лиискэ эмиэ кэккэ уларыйыылар киирдилэр. Ол курдук, өскөтүн дьахтар бииртэн элбэх оҕону күүтэр уонна 22-28 нэдиэлэтигэр төрүүр түгэнигэр больничнайын уһуна 194 күн буолуо. Өлбүт оҕону төрөөбүт эбэтэр оҕо төрөөн баран 168 чаас иһигэр өлбүт буоллаҕына, дьахтар больничнайын толору туһанар.
Саҥа быраабыланан, сыстыганнаах ыарыынан ыалдьыбыт киһи больничнайы тэйиччиттэн, телемедицинскай сүбэ түмүгүнэн ылыан сөп.
Больничнайы мэдиссиинискэй лиссиэнсийэлээх тэрилтэлэр бары биэриэхтэрэ. Ол иһигэр фельдшердар, тиис быраастара. Суһал көмө быраастара больничнайы биэрэр бырааптара суох.
Сиһилии манна көр: https://ysia.ru/v-rossii-vstupili-v-silu-novye-pravila-oformleniya-bolnichnogo/
This post was published on 14.12.2020 17:01 17:01