"Больничнайдарга" уонна оҕо босуобуйаларыгар 2020-2022 сылларга икки триллион солк кэриҥин тыырыахтара

2020 сылга больничнайга уонна ийэ буолууга босуобуйаларга 619 миллиард солк тахсаны ыытыахтара, 2021 сылга ити суума 39 миллиардынан эбиллиэ, 2022 сылга — өссө 37 миллиард солк эбии көрүллүө. Социальнай страховка Фондатын бюджетын бырыайыагын сотору кэминэн Госдуума мунньаҕар көрүөхтэрэ.


Бырайыакка олоҕурдахха, дьон больничнайга уонна декретнай уоппускаҕа сылдьар кэмнэригэр судаарыстыба ылыммыт эбэһээтэлистибэлэрэ хаалаллар. Бу сыалга 2020 сылга 618,74 млрд солк (78,5% уопсай ороскуоттан), 2021 сылга — 657,58 млрд (79,1%), 2022 сылга — 695,38 млрд солк (79,6%).

Үлэ кэмигэр эчэйдэхтэринэ, идэлэрин дьайыытыттан ыарыйдахтарына 2020 сылга 108,7 млрд (13,8% уопсай ороскуоттан), 2021 сылга — 112,8 млрд солк (13,6%), 2022 сылга 117,21 млрд солк (13,4%) көрүллүөхтээх.

2020 сылга Фонда бюджетыгар дохуот 811,58 миллиард солк, оттон уопсай ороскуот 788,11 миллиарда солк. Председатель Андрей Кигим эппитинэн, бу төрөөһүн аҕыйааһыныттан уонна үлэ кэмигэр эчэйии кыччаабытын кытта сибээстээх.

This post was published on 21.10.2019 16:38 16:38