«Быһа холоон, 2026 сыллаахха МРОТ 27093 солкуобайга диэри үрдүөҕэ диэн күүтүллэр. Быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕы сүтэрии күннээҕи босуобуйатын алын кээмэйэ МРОТ-у сөптөөх ый халандаарынай күннэрин ахсааныгар түҥэтэн быһаарыллар. Онон, 30 хонуктаах ыйдарга (муус устар, бэс ыйа, балаҕан ыйа, сэтинньи) кээмэйэ 903,10 солк. тэҥнэһиэҕэ (2025 сыллаахха – 748 солк.)», – диэн кини быһаарда.
Эспиэр этэринэн, 2026 сыл олунньутугар (28 хонук) күннээҕи босуобуйа алын кээмэйэ 967,61 солк. буолуоҕа (2025 сыллаахха – 801,43 солк.). «31 хонуктаах ыйдарга (тохсунньу, кулун тутар, ыам ыйа, от ыйа, атырдьах ыйа, алтынньы, ахсынньы) быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕы сүтэрии күннээҕи босуобуйатын алын кээмэйэ 873,97 солк. тэҥнэһиэҕэ (723,87 солк.)», – диэн Балынин чуолкайдаата.
Экэнэмиис «орто күннээҕи хамнас алын кээмэйэ» 24-дү МРОТ-ка төгүллээн баран, 730-ка түҥэтэн ааҕылларын бэлиэтээтэ. Онон, МРОТ = 27093 солк. буоллаҕына, «орто күннээҕи хамнас алын кээмэйэ» 890,73 солк. буолар (2025 сыллаахха – 737,75 солк.).
This post was published on 24.10.2025 12:27 12:27